Билигин үгүс кэрэ аҥаардар Саҥа дьыллааҕы былааччыйаларын бэлэмнииллэр, ким эрэ тиктэрэр, интэриниэтинэн сакаастыыр, эбэтэр маҕаһыын кэрийэр.
2020 Үрүҥ күтэр сылын көрсө муодаҕа сырдык өҥнөөх, сарын аҥаар өртүн көрдөрөр былааччыйалар кэлбиттэр, киэһээҥи таҥас көхсүгэр аһаҕастаах, күлүмүрдэс таастардаах буолуон сөп.
Эбэтэр муостаҕа диэри уһун былааччыйа иннигэр, ойоҕоһугар тыраҕастаах, дьон болҕомтотун тардар буолуон син. Дьууппа, былааччыйа тобуккар диэри, онтон өссө уһун буолара ордук, кылгаһы онуоха-маныаха диэри кэтиллибэт.
Модельердар солко комбинезон, синньигэс быалаах атлас, килэбэчигэс маайкалары кэтэри сүбэлииллэр. Саҥа дьыллааҕы таҥаска солко, баархат, шифон, күлүмүрдэс киэргэллээх клатч барсыа.