Өрөспүүбүлүкэ орто уонна анал үрдүк үөрэх кыһаларын тыһыынчанан студеннара уонна профессордарын-педагогтарын састааба бырааһынньыгы үлэҕэ, үөрэххэ саҥа ситиһиилээх, кыайыылаах көрсөллөр. Ыччат экономика араас эйгэтигэр аныгы технологияны баһылааһыҥҥа, инновацияны киллэриигэ, Саха сирин научнай-интеллектуальнай кыаҕын сайыннарыыга көхтөөхтүк кыттар.
Үрдүкү технологиялаах, балысхан сайдыылаах үйэ дойдуга баараҕай бырайыактары олоххо киллэриини эрэйэр, саҥа кэм ирдэбиллэрин туруорар. Бу соруктары толорууга өрөспүүбүлүкэ анал идэлээх үөрэхтээһинин хаачыстыбатыгар болҕомто ууруллуохтаах.
Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэ промышленнай тэрилтэлэригэр олохтоох каадыры үлэлэтиигэ, сыһыарыыга утумнаах үлэни ыытар. Эдэр специалистар билиилэрэ, эрчимнэрэ, кыахтара билигин наукаҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, промышленность эйгэтигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уонна Уһук Илини сайыннарыыга төһүү күүс буолаллар. Үөрэх кыһаларын бүтэрбит специалистары өйөөһүҥҥэ тус сыаллаах судаарыстыбаннай бырагыраамалар үлэлииллэр.
Студенныыр сыллар – киһи олоҕун саамай чаҕылхай өйдөбүлэ. Бу кэмҥэ идэҕэ уһуйууну, бастакы үөрүйэҕи ылыыны сэргэ, ыччат дьон уопсастыбаннай-култуурунай, спортивнай олоххо бэйэтин кыаҕын көрдөрөр. Эрчимнээх эдэр сааска студеннар сайыҥҥы тутар этээрээккэ, волонтердар хамсааһыннарыгар кытталлар, айар дьоҕурдарын араас бырайыактарга сайыннараллар, тус киһи быһыытынан бэйэлэрин булуналлар.
Студеннарга уонна преподавателлэргэ үлэҕэ, үөрэххэ, наукаҕа, уопсастыбаннай олоххо үрдүк ситиһиилэри, дьолу, тапталы, эйэни баҕарабыт. Эһиги эрчимҥит, билиигит-көрүүгүт Ийэ дойдубут чэчирии сайдыытыгар төһүү буоллун!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ