22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Россия үгүс сирэ энцефалитнай клещтээх

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Клещевой энцефалит» диэн айылҕаҕа баар, тарҕанан үөскүүр кутталлаах, сыстыганнаах ыарыы. Бу туһунан Дьокуускай к. 1 №-дээх поликлиникатын ыарыыны сэрэтиигэ отделениетын сэбиэдиссэйэ Ефросинья Дьячковская клещтэн хайдах харыстанар, клещефой энцевалит туһунан кэпсээтэ.


 «Клещевой энцефалит» диэн айылҕаҕа баар

— Тарҕанан үөскүүр кутталлаах, сыстыганнаах ыарыы.

Кэнники кэмҥэ Саха сиригэр клещтэн эмсэҕэлээбит дьон ахсаана элбээн иһэр. Бу үөн ытырдаҕына, араас ыарыыны тарҕатыан сөп. Ордук кутталлаах ыарыынан клещевой энцефалит буолар. Бу ыарыыттан киһи ньиэрбинэй систиэмэтин үлэтэ кэһиллэн, босхоҥ (паралич) буолуон сөп. Ыараханнык ылларбыт, ыалдьыбыт киһини инбэлииккэ, өлүүгэ тиэрдиэн сөп.

Ордук ойуур харыстабылын үлэһиттэрэ, геологтар, суол оҥорооччулар, гаас, ньиэп турбатын тардааччылар, булчуттар, тыаҕа тахсан сынньанааччы дьон хаптарыахтарын сөп. Онтон куоракка олорор дьон пааркаҕа күүлэйдии, даачаҕа үлэлии сылдьан ытыттарар кутталлара баар.

Кини ханна үөскүүрүй?

– Клещ үөнэ тарҕанар сиринэн сүрүннээн сииктээх, элбэх оттоох, мас кэрдиллэн баран ыраастамматах, отунан-маһынан үүммүт сирдэр уонна суол кытыылара буолаллар. Клещ сырдык күн уотун, кураанах салгыны сөбүлээбэт. Ардыгар клещ ыт, куоска түүтүн быыһыгар сыстан, хаһаайыннарын ытырбыт түгэннэрэ бааллар.

Бу ыарыы тарҕанарыгар ыам уонна бэс ыйдара ордук кутталлаах ыйдарынан буолаллар. Клещ үөнэ вирустаах буоллаҕына, ытырбыт түгэнигэр сүмэһинин (силин) киһиэхэ сыһыарар. Ытырбыт клещ киһи этигэр хатанар, ону арааран ылар ыарахан. Ытырбыт сирин тарбаннахха, клещ сүмэһинин (силин) кытта вируһа хааҥҥа киирэн тарҕанар. Сороҕор ынах-сүөһүнү, козаны клещ ытырбыт буоллаҕына, үүтүгэр бу вирус эмиэ баар буолуон сөп.

Ханна ордук тарҕанна?

– Россия үрдүнэн клещевой энцефалит ыарыы ордук тарҕаммыт сирдэринэн Красноярскай, Хабаровскай кыраайдар, Пермь, Новосибирскай, Алтай, Бурятия уо.д.а. буолаллар. Саха сиригэр дьону ытырбыт түбэлтэлэрэ баар суол, ол гынан баран клещевой энцефалит диэн ыарыы туруорулла илик.

Хайдах харыстанабыт?

– Сайын пааркаҕа күүлэйдиир кэмҥитигэр, даачаҕа олорор, үлэлиир бириэмэҕитигэр бэйэҕитин көрүнэ, харыстана сылдьыҥ. Ойуурга сылдьар кэмҥэ аһаҕас таҥаһы буолбакка, сырдык өҥнөөх таҥаһы кэтиҥ. Сиэхтээх ырбаахыны босхо ыыппакка, бүрүүкэҕэ симэн кэтэр ордук. Ыстааны саппыкы иһигэр киллэрэн кэтиҥ. Ойуурга, пааркаҕа сылдьар кэмҥитигэр бэйэ-бэйэҕитин көрүнэ сылдьаргыт туһалаах. Төбөҕүтүгэр былаат, сэлээппэ эбэтэр капюшон кэтэргитин умнумаҥ. Оттоох уонна сииктээх сиргэ олорумаҥ. Сынньанарга аһаҕас, ыраас, кураанах сири булан тохтоон.

Билигин клеһи утары араас маастар, ыстарынар маллар бааллар. Ол курдук , «Гардекс Антиклещ», «Москитол Антиклещ» уо.д.а. Ойууртан таҕыстыгыт да кичэйэн көрүнүҥ, ыраастаныҥ, бэйэҕитин харыстаныҥ. Билигин бу үөнү утары анал көстүүм атыыга баар буолла. Улахан куораттарга ойуур үлэһиттэрэ пааркалары эмтииллэр.

Сэрэхтээх бэлиэлэр

– Клещ ытырбытын кэннэ ыарыы 30 хонугу быһа улаханнык биллэриэ суоҕун сөп. Клещевой энцефалитынан ыалдьыбыт киһи кыраадыһа 38-39 кыраадыска тиийэр, сүһүрэр, ньиэрбинэй систиэмэтин үлэтэ кэһиллэр, төбөтө, этэ-сиинэ бүтүннүү ыалдьар, кыайан утуйбат буолар, сүрэҕэ өлүөхсүйэр, сирэйэ-хараҕа кытарар. Баралыыстыан, 3-5-с күнүгэр ньиэрбинэй систиэмэтин үлэтэ кэһиллиэн сөп.

Быһыы туһалыа

– Билигин клещевой энцефалит тарҕаммыт сиригэр барааччылар балтараа ый иннинэ быһыы ылыахтаахтар. Ону таһынан сайын хонууга практикаҕа барааччылар, геологтар, археологтар клещевой энцефалиттан харыстанар туһугар быһыы ылаллара туһалаах.

Быһыы көрүҥүттэн көрөн 2-3 төгүл оноһуллар. Иммунитет 2-3 нэдиэлэ кэнниттэн үөскүүр. Өскөтүн быһыы ылбатах киһини үөн ытырдаҕына, клещевой энцефалиты утары иммуноглобулин састааптаах укуол оҥоһуллар.

Бастакы көмө

– Өскөтүн клещ эккитигэр оборон киирбит буоллаҕына, хаһан да бэйэҕит ыла сатаамаҥ. Алдьаттаххытына, вирустаах буоллаҕына, тирии хайдыбыт сиринэн хааҥҥа киирэн тарҕаныан сөп. Пинцетинэн сэрэнэн, олох алдьаппакка ыла сатыахха наада. Балыыһа чугас буоллаҕына, уһаппакка-кэҥэппэккэ көрдөрүн. Ытырбыт сирин 70 бырыһыаннаах испииринэн эбэтэр 5 бырыһыаннаах йодунан сотун. Уонна клещ үөнүн Гигиена уонна эпидемиология киинигэр аҕалыахха наада. Вирус баарын-суоҕун билэргэ тыыннаах үөнү аҕалан туттарар ордук. Ыраас иһиккэ, пробиркаҕа, ол эбэтэр ыстакааҥҥа уган, сииктээх биинтэҕэ суулаан аҕалар ордук.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА