22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Россияҕа ОСАГО-ны барыстаахтык ылыы судургутуйуо

14:01, 19 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Массыыналаахтар ОСАГО электроннай полистары үп платформаларынан онлайн оҥорторон ылыахтарын сөп. Манна сөптөөх сокуон алтынньы 19 күнүттэн үлэлиир, суруйар «Парламентская газета».


Үп платформалара (өссө маркетплейстар дэнэр) табыгастаахтара диэн, биир былаһааккаҕа хас да страховой хампаанньа этиитин тэҥинэн үөрэтиэххэ сөп. Тута дуогабар түһэрсиллэр. Платформаҕа бу өҥөтүн иһин харчы төлөммөт, сокуоҥҥа оннук суруллар.

Маркетплейс старховка быраабылаларын сигэлэрин таһаарар эбээһинэстээх. Туһанааччылар сыыппаранан илии баттааһыннарын туһаныахтарын сөп. Страховой хампаанньалар бэйэлэрин саайтарыгар ханнык үп платформаларын кытта үлэлииллэрин суруйуохтаахтар.

Маркетплейстар — страховой агеннар эбэтэр брокердар. Кинилэр соруктара — киһи уонна страховой хампаанньа икки ардыгар ОСАГО дуогабарын түһэрсиигэ информацияны бэрсиилэригэр тэрээһини ыыталлар.

Сиһилии https://ysia.ru/rossiyanam-stanet-proshhe-najti-vygodnoe-osago/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА