Федерация Сэбиэтигэр Россияҕа хамсаабат баайга-дуолга кэлэр икки сылга сыана 25% үрдүөн сөп диэн сабаҕалыыллар. Ол туһунан «Известия» сенатордар иһитиннэриилэригэр олоҕуран суруйар.
Федерация Сэбиэтин аграрнай-продовольственнай бэлиитикэҕэ уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Сергей Лисовской эппитинэн, дьиэҕэ сыана үрдээһинэ 2021 сыл сайыныттан биллэн барыа.
Сенатор быһаарбытынан, бу кэмҥэ саҥа тутуулар түмүктэниэхтэрэ, ырыынак монополизацията саҕаланыа.
«Москваҕа сыана 13% үрдээтэ, «саҥа Москваҕа» — 9 — 12%», — диэтэ Лисовской.
Сенатордар этэллэринэн, тутааччылар сыананы ылар кирэдьииттэрин ставката үрдүгүнэн, кинилэргэ ирдэбил кытааппытынан улаатыннарыахтарын сөп. Итиэннэ кыра хампаанньалар тутуу ырыынагыттан туораан биэрэн, конкуренция суох буолан, сыананы эмиэ таһаарыахтарын сөп.