РНА учуонайдара биир сыл Саха сиригэр, Красноярскай кыраайга, Мурманскай уобаласка социологическай чинчийии ыытыахтара. Долган, эбэҥки, дьүкээгир, саам, ненец, энец, нганасан омуктар олохторун-дьаһахтарын үөрэтиэхтэрэ, суруйар СИА.
«Бастаан төрүт олохтоох общиналарга тирэҕирэн «неформальнай» экономикаларын уонна үгэскэ кубулуйбут үлэлэрин-дьаһахтарын үөрэтиэхтэрэ. Маны сэргэ этноэкспертиза уонна этномониторинг саҥа ньымаларын аттарыыга бөдөҥ хампаанньалар аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар түөлбэлээн олорор сирдэригэр дьайыыларын индикатордарын быһаарыахтара», — диэн кэпсээтэ РНА Арктиканы уонна сибиири чинчийэр киинин дириэктэрэ Вероника Симонова.
Үс региоҥҥа 19 община салайааччыта уопсастыбаннай сүрүннээччилэринэн буолуохтара, тырааныспар, сибээс уонна да атын тэрээһин боппуруостарын быһаарыахтара.