28 Муус устар 28.04
  • -6°
  • $ 91,78
  • 98,03

Владимир Путин: “Арктика бары хайысханан сайдыахтаах”

14:31, 12 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: "Саха сирэ" саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ахсынньы 11 күнүгэр Арктикаҕа тэриллибит тирэх нэһилиэнньэлээх пууннар сайдыыларыгар мунньах ыытта. Мунньахха тирэх пууннарга киирбит куораттар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын былаанын туһунан эттэ, суруйда «Саха сирэ» сайт.

Владимир Путин этэринэн, быйыл Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр куораттарын маастар-былааннарын бигэргэтии Арктика сайдыытыгар туһуламмыт бырагырааманы оҥорууга тирэх буолуохтаах.

— Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ оҥорбут бырайыакпыт атын да хайысхаларга үтүө уопут буолуохтаахтар дии саныыбын. Бу ордук Арктика сайдыытыгар улахан суолталаах. Эрдэ бэлиэтээн эппитим курдук, Арктика стратегическэй суолталаах сирбит. Энергетикабытын, логистикабытын сайыннарыыбытыгар, дойдуга куттал суох буолуутун хааччыйыыга суолталара улахан. Онон бу сирдэри сайыннарыы биһиги инники күөҥҥэ тутар сорукпут, — диэн этэр кини.

Владимир Путин сорудаҕынан Арктика сайдыытыгар тирэх буолар нэһилиэнньэлээх пууннар испииһэктэрэ бигэргэтиллибитэ. Манна барыта тоҕус эрэгийиэнтэн 16 нэһилиэнньэлээх пуун киирбитэ. Бу мунньахха хас биирдии эрэгийиэҥҥэ тэриллибит тирэх пууннары ырыттылар.

Бэрэсидьиэн иһитиннэрбитинэн, бу нэһилиэнньэлээх пууннар бары өттүнэн сайдыахтаахтар.

— Биһиги сыалбыт-сорукпут диэн бу бырайыактарга экэниэмикэ бары хайысхатынан сайдарын ситиһиэхтээхпит. Ол иһигэр дьоҕус, орто биисинэс сайдыахтаах, олохтоохтор үлэ миэстэтинэн хааччыллыбыт, нэһилиэнньэлээх пууннар олорорго, үлэлииргэ табыгастаах, аныгы олох сиэригэр эппиэттиир буолуохтаахтар. Доруобуйа харыстабыла, үөрэх, тырааныспар, коммунальнай хаһаайыстыба эбийиэктэрэ тутуллан, олох таһыма үрдүөхтээх. Оччотугар Арктикаҕа дьон-сэргэ тардыһыа этэ, — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.

Владимир Путин манна даҕатан нэһилиэнньэлээх пууннар маастар-былааннарын оҥорууга билигин национальнай бырайыактарынан барар үлэлэр хатыһыа суохтаахтарын, бу үлэлэр төттөрүтүн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэриэхтээхтэрин санатан эттэ. “Бу эппит хайысхаларбынан билигин Арктикаҕа федеральнай да, эрэгийиэннээҕи да бырагыраамаларынан үлэ бара турар. Бу үлэлэр уонна маастар-былааҥҥа киирэр бырайыактар бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэриэхтээхтэр”, — диэн этэр.

Түмүккэ Владимир Путин хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүнү, коммунальнай хаһаайыстыба эбийиэктэрин саҥардыыны бастакы уочарат көрөрү эттэ. Манна кини тутуу матырыйаалын, хаачыстыбатын, технологиятын ордук болҕомтоҕо ыларга сорудахтаата. “Манна, бастатан туран, эрэгийиэн айылҕатын уратытын учуоттаан тутуу матырыйаалын, технологиятын табар наада. Бу олорор дьиэлэри да, бырамыысыланнай эбийиэктэри да тутууга барытыгар сыһыаннаах”, — диэн бэлиэтиир.

Бэрэсидьиэн сорудаҕынан бу нэһилиэнньэлээх пууннар маастар-былааннара эһиил от ыйын 1 күнүгэр диэри оҥоһуллуохтаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА