Бу бэлиэнэн бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбатын, тырааныспар, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар, учууталлар, преподавателлэр, быраастар, култуура уонна искусство деятеллэрин ортолоруттан идэлэрин үрдүктүк баһылаабыт ыччат наставниктара наҕараадаланыахтара.
“Наставниктааһын иһин” бэлиэнэн иэс сылтан итэҕэһэ суох эдэр оробуочайдарга уонна исписэлиистэргэ кинилэр идэлэрин толору баһылыылларыгар көмөлөспүт дьон наҕараадаланыахтара.
Бу бэлиэ үрүҥ көмүстэн турар төгүрүк мэтээл курдук быһылаах. Сирэй өттүгэр тахсан эрэр күн уруһуйдаммыт. Күн сардаҥаларын күөнүгэр атом, кинигэ, циркуль уонна үрүҥ көмүс толбонноох лира ууруллубуттар. Бэлиэ кэтэх өттүгэр “За наставничество” диэн суруллубут.
Бу сыл олунньу 14 күнүгэр маннык бэлиэни олохтуурга эбэтэр анал бочуоттаах ааты олохтуурга “Аэрофлот” үөрэтэр көтөр этэрээтин хамандыыра Николай Изосимов этии киллэрбитэ. Кини “Наставник” форум кыттыылаахтарын кытта Владимир Путинныын көрсүбүтэ.
“Үчүгэй идея, — диэбитэ бэрэсидьиэн. – Хайдах ааттыыры өссө сүбэлэһиэхпит. Бу үлэни уопсастыбаннас билиниитэ наада”.