Уруулга арыгы иһэн баран олоруу иһин эппиэтинэс кытааппытын тимир көлөлөөхтөр бэркэ диэн билэллэр эрээри, итинник суол быһылааннара син биир тахса тураллар. Ол курдук, ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ итирик суоппар буруйунан тахсыбыт 58 суол быһылааныгар 14 киһи суорума суолламмыта, 86 киһи араас эчэйиини ылбыта. Оттон бу сыл саҥатыттан итинник 12 суол быһылааныгар 3 киһи өллө, 12 киһи эчэйдэ. Ити барыта уруулга итирдэр утаҕы ыймахтаан баран олорбут киһи бэйэ туһугар, дьон туһугар хайдахтаах эппиэтинэһи сүгэрин ситэ өйдөөбөтүттэн, чэпчэки сыһыаныттан тахсар.
Итинтэн сиэттэрэн, арыгы иһэн баран массыына ыыта сылдьар дьону булар, сэрэтэр сыалтан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Алкоголь и дорога несовместимы» диэн ааттаах акция саҕаланан, нэдиэлэ устатыгар ыытыллыаҕа. Акция кэмигэр ГИБДД инспектордара ааһар массыыналары маассабайдык бэрэбиэркэлиэхтэрэ, араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Акция сыала-соруга — бу проблемаҕа уопсастыба болҕомтотун тардыы. Маныаха уруулга холуочук биитэр итирик олорбут киһи туһунан иһитиннэриилэри 127 уонна 02 нүөмэрдэргэ эрийэн биллэрэргитин күүтэллэр.
Санатар буоллахха, 2015 сыл от ыйын 1 күнүттэн РФ Холуобунай кодексатыгар 264.1 диэн ыстатыйа эбиллэн биэрбитэ. Бу ыстатыйа ирдэбилинэн, урут уруулга итирик олорон, административнай накаастабылга түбэспит киһи хаттаан оннук туруктаах тутулуннаҕына итиэннэ медосвидетельствование барартан аккаастаннаҕына, холуобунай эппиэккэ тардыллар. Эбэтэр массыынатын итирик ыыта сылдьан, суол быһылаанын таһааран, дьону эчэппит биитэр сэрэҕэ суохтан өлүүгэ тиэрдэн, сууттана сылдьыбыт буоллаҕына эмиэ.
Маныаха бу 264.1 ыстатыйа накаастабыл миэрэлэринэн буолаллар: аччаабыта – 200 – 300 тыһ. солк. суумалаах биитэр сууттаммыт киһи биир сылтан икки сылга диэри кэмҥэ ылбыт хамнаһын, атын дохуотун кээмэйин саҕа ыстараап, эбиитин үс сылга диэри болдьоххо тустаах дуоһунастарга үлэлиир бырааба быһыллар; улааппыта – икки сылга диэри көҥүлү быһыы уонна эмиэ үс сылга диэри болдьоххо тустаах дуоһунастарга үлэлиир быраабын быһыы.
Өссө биир сонун. Бу дьыл кулун тутар 26 күнүттэн медицинскэй освидетельствование саҥа бэрээдэгэ олоххо киирэр. Нарколог быраас түмүк таһаарарыгар, алкотестер көрдөрүүтүн сэргэ, итирии клиническэй бэлиэлэрин эмиэ учуоттуур бырааптанар. Маныаха тутуллубут киһиттэн иик уонна хаан анаалыстарын булгуччу ылар эбээһинэстэнэр. Ити тутуллубут киһи наркотиктан туймаарыйа сылдьарын-сылдьыбатын быһаарар сыалтан оҥоһуллар.