Сэтинньи 29 күнүгэр Ил Түмэн төрдүс (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2024 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөтүн уонна 2025-2026 сыллардааҕы былааннаммыт бүддьүөтүн ылыннылар.
Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билиигэ, приватизацияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев бүддьүөтү ылыныыга улахан үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ, суруйда «Саха сирэ» сайт.
Бүддьүөт туһунан сокуону ылыныыга 5 хайысханан сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйалар үлэлээбиттэр. Бырабыыталыстыбаттан 486, норуот дьокутааттарыттан 204 уларытыы киирбит. Дьокутааттар уларытыыларыттан сокуон барылыгар 57 уларытыыны, Инвестиционнай бырагыраамаҕа 18 уларытыыны ылыммыттар.
2024 сылга дохуот 302 миллиард 6016 мөлүйүөн 955 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспит. Ороскуот — 311 миллиард 853 мөлүйүөн 452 тыһыынча солкуобай.
— Бырабыыталыстыба уонна кэмитиэттэр чилиэннэрэ бу сайыҥҥыттан үлэлээммит, 2024 сыллааҕы бүддьүөт таҥыллан, бүгүн дьокутааттар быһаарыыларынан, элбэх мөккүһүүтэ суох ылылынна.
Дьон итини икки өттүттэн өйдүүр. Бастакытынан, сорох дьоҥҥо тоҕо мөккүспэккэ, биир кунуопканы баттааннар быһааралларый диэн өйдөбүл баар. Оттон өйдүүр дьон өйдүүллэр, бу өр кэмнээх үлэ түмүгэ таҕыста диэн. Кырдьык, элбэх сыраны-сылбаны, өй-санаа түмүллүүтүн ылар үлэ түмүгэ буолар, тоҕо диэтэххэ, биһиги бастакы ааҕыыга ылбыппыт кэнниттэн, сүүрбэччэ хонук дьокутааттартан, бырабыыталыстыбаттан уларытыылары кэтэстибит, үбү-харчыны көрдөөтүбүт.
Манна даҕатан этэр буоллахха, бырабыыталыстыба өттүттэн 15 миллиард солкуобайдаах нолуокка уларытыыны киллэрдэ. Итиннэ федеральнай бүддьүөттэн биһиэхэ кэлэр дотацияҕа, бастакы ааҕыыга 80-тан тахса бырыһыана эрэ кэлэр буоллаҕына, билигин 10-ча бырыһыанын саҥа ыламмыт, эбии көрдүбүт.
Онон бырабыыталыстыба өттүттэн 40-чэ улахан уларытыы киирбитэ. Киирбит дохуоту – 15 миллиард солкуобайы уонна 3 миллиартан тахса бэйэбит дэписсииппитин улаатыннаран, бу ороскуоту көрдүбүт. Итиннэ этиэххэ наада, министиэристибэлэртэн 75 миллиард солкуобайдаах сайаапка киирэн турар.
Бу ороскуоттар барыта судаарыстыбаннай бырагырааманан бигэргитиллибиттэр. Онон бырабыыталыстыба киллэрбит уларытыылара барыта ылылыннылар. Боппуруос элбэх этэ – саамай наадалаах хайысхаларга 75-тэн 19 миллиард кэриҥэ солкуобайы тыырааһын. Этэргэ дылы, бу сыраны-сылбаны эрэйэр үлэ.
Бу мунньахха тоҕо боппуруос суоҕуй диэтэххэ, сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйалар 5 хайысханан хас да күнү быһа үлэлээннэр, уопсай тылы буланнар, бүддьүөт кэмитиэтэ икки күн иһигэр үлэлээн, бу уларытыылары көрдө. Итиннэ бырабыыталыстыба уонна дьокутааттар бииргэ толкуйдууллар диэн түмүк оҥоруохха наада. Онон бу биһиги уопсай үлэбит түмүгэ буолар, — диэн Юрий Николаев брифиҥҥэ кэпсээтэ.