22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Полярные авиалинии» Ми-8 салгын аала Өймөкөөҥҥө сүппүт бөртөлүөтү көрдөөһүҥҥэ көттө

15:17, 18 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өймөкөөҥҥө сүппүт Eurocopter бөртөлүөтү көрдөөһүҥҥэ «Полярные авиалинии» Ми-8 салгын аала көттө. Бортка быһааччылар бөлөхтөрө баар, диэн авиахампаанньа пресс-сулууспата СИА-ҕа кэпсээтэ.  


«Полярные авиалинии» Ми-8 салгын суудунатын хамандыыра Тимур Бесаев авиахампаанньа саамай уопуттаах пилота, 23200 чаас көтүүлээх, быыһыыр үлэҕэ хас да төгүл кыттыбыт.

Санатар эбит буоллахха, балаҕан ыйын 13 күнүгэр Eurocopter бөртөлүөт Уус-Ньара — Аяма күөл — Уточан үрүйэ — Уус Ньара хайысханан балык тиэйиитигэр көппүт. Быһа барыллаан, 13.20 Москва бириэмэтинэн спутнигынан сибээскэ тахсара тохтообут.

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр «Полярные авиалинии» хампаанньа икки бөртөлүөтэ уонна Ан-26 сөмөлүөтэ сүппүт суудунаны көрдөөһүҥҥэ тахсаллар. Сүппүт көтөр аалга пилот уонна икки пассажир баара биллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА