Бу күннэргэ дойду олохтоохторо бары РФ Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэриигэ куоластааһыҥҥа кытталлар. Социальнай ситимнэринэн, сонуну киэҥник тарҕатар тиһиктэр ‒ хаһыат, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ нөҥүө дьон санаатын аһаҕастык суруйар, этэр. Билиҥҥи демократия бириэмэтигэр оннук буолуохтаах даҕаны.
Павел Сазонов, улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ, “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай баартыйа Мэҥэ Хаҥаластааҕы салаатын салайааччыта:
— Биир дойдулаахтарбын туох да саарбаҕа суох, бу билиҥҥи уустук кэмҥэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Этиитигэр туһаайбыт үгүс көннөрүүлэри, эбиилэри ааһан бүттүүн куоластааһыҥҥа киллэриллэр Конституцияҕа уларытыылар дойду бука бары олохтоохторун олоҕун таһымын тупсарыыга туһуланалларын өйдүүргүтүгэр ыҥырабын. Уларытыыларга сүрүннээн социальнай хайысхаҕа болҕомто ууруллубута миэхэ чугастык ылыныллар. Оҕо, ыччат, дьиэ кэргэн, аҕа саастаах дьоммутугар туһуламмыт уларытыылар киириилэрэ судаарыстыба эппиэтинэһи ылынарыгар, болҕомто уурарыгар улахан тоҕоос буолуоҕа.
Убаастабыллаах дьоммут-сэргэбит, дойдубут Төрүт Сокуона 1993 сылтан уларытыллыбакка кэллэ. Ол кэмтэн ыла элбэх уларыйыылары, тургутуктары аастыбыт. Кэм-кэрдии уларыйан иһэрин курдук, дойду биир сиргэ турбакка сайдар, саҥаттан-саҥа көлүөнэ солбуллан кэллэ. Онон олох да ирдэбилинэн, Арассыыйа ол ааспыт кэмнэртэн, билигин атын, биир баайыылаах державалары кытары тэҥҥэ аахсар кыаҕы ылбытынан, туспа сувереннай судаарыстыба буоларын бигэргэтэр уонна күүһүрдэр сыалтан Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылар киирэллэрэ уолдьаста. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыытар бэлиитикэтин ис-испиттэн өйүүрбүн этэн тураммын, эһигини, биир дойдуулаахтарбын, Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэрии ‒ олохпут бигэ туруктаах буоларыгар туһуланарын толору өйдөөн өйүүргүтүгэр ыҥырабын.
Источник: Газета “Эркээйи”