Паромҥа киириигэ массыына ахсаана элбээтэҕинэ суоппардар истэригэр мөккүһүү, айдаарсыы тахсара кистэлэҥ буолбатах. Массыына муҥутуур элбээһинэ нэдиэлэ бүтүүтүгэр бэлиэтэнэр. Бээтинсэттэн саҕалаан паромҥа киириигэ 20-30% массыына ахсаана элбиир.
Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ массыыналары туоратыыга 11 паром үлэлиир.
- “Бастакы паром биэрэгэ” ХЭУо — 2 паромнаах
- “Иккис паром биэрэгэ” ХЭУо – 2 паромнаах
- “АЯМ тутааччылар ассоциациялара” ХЭУо – 4 паромнаах
- “НОВЭК” ХЭУо – 2 паромнаах
- Урбаанньыт “Колокольников Е.В”- 1 паромнаах
Паромунан туоратааччылар бары Арассыыйа өрүстэрин регистрыттан көҥүллээхтэр. Бастакы уонна иккис паром күҥҥэ түөртэ кырыналлар. Атыттар туолбуттарынан айанныыллар. Сотору кэминэн паромҥа уочараты интернет нөҥүө билэр буолуохпут.
2018 сылга паром сырыытын бэрээдэгэ
Дьокуускайтан | Аллараа Бэстээхтэн |
06.0007.30
09.00 10.00 11.30 12.40 13.50 15.00 16.10 17.20 18.30 19.40 20.40 21.40 22.50 23.40 |
06.0007.30
09.00 10.10 11.40 12.40 13.50 15.00 16.10 17.20 18.30 19.40 20.50 22.00 23.10 00.10 |
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru