14 Балаҕан ыйа 14.09
  • $ 90,93
  • 100,8

От ыйын 31 күнэ. Саха Олимпиецтара өрөгөйдөөбүт күннэрэ - Бикипиэдьийэ

09:01, 31 июля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

1805 сыллаахха эмчиттэри Саха уобалаһыгар ыытар туһунан ыйаах тахсыбыт. Бастакы кылаабынай медигынан Реслейн диэн быраас ананан үлэлээбит. Саха сирин доруобуйатын харыстабылын үлэтин бу күнтэн ааҕаллар.

1860 сыллаахха Дьокуускйага бастакы оҕо приюта аһыллыбыт, кэлин «Мария» аатын сүкпүт. 

1912 сыллаахха Дьокуускайга улахан халааһын буолбут. Уоруйахтар «Коковин уонна Басов» атыы дьиэтиттэн көмүс уонна да атын сээкэйдэри уоран 10 тыһыынча солкуобайдаах хоромньуга тэппиттэр.

1976 сыллаахха Канада Монреалыгар Олимпийскай оонньууларга көҥүл тустууга финаллар ааспыттар. Манна Павел Пинигин кыһыл көмүс мэтээли, оттон Александр Иванов уонна Роман Дмитриев үрүҥ көмүс мэтээллэри ылбыттар.


Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1655 — Нуучча-Польша сэриитэ (1654–67): Нуучча аармыйата Литва улуу княжествотын киин куоратыгар Вильнюска киирбит, онно алта сыл турбут.
  • 1740 — Миитэрэй Лаптев Индигииртэн муораҕа тахсыбыт. Бу сырыытыгар Эһэлээх диэн кэлин ааттаммыт арыылар бөлөхтөрүттэн бастакыларыгар — Св. Антоний арыытыгар — атырдьах ыйын 3 күнугэр тиийбит, ол кэннэ атырдьах ыйын 14-гэр Улахан Бараан тумуһугар тиийбит.
  • 1805 — Эмчиттэри Саха уобалаһыгар ыытар туһунан ыйаах тахсыбыт. Бастакы кылаабынай медигынан Реслейн диэн быраас ананан үлэлээбит. Саха сирин доруобуйатын харыстабылын үлэтин бу күнтэн ааҕаллар.
  • 1860 (эргэ истиилинэн от ыйын 19 күнэ) — Дьокуускайга бастакы оҕо приюта аһыллыбыт, кэлин «Мария» аатын сүкпүт. Онуоха анаан атыыһыт Н. И. Чепалов сиэртибэлээбит харчытынан Большая уулуссаҕа турар таас дьиэ атыылаһыллыбыт.
  • 1865 — Саха сирин губернатора Илин Сибиир генерал-губернаторыгар Дьокуускайдааҕы реальнай училищены реальнай прогимназияҕа кубулутар туһунан ходатайство туһэрбит.
  • 1904 — Симучэн аттынааҕы кыргыһыы. Нуучча уонна дьоппуон сэриилэрэ Манчжурияҕа Порт-Артуртан чугас Симучэн диэн дэриэбинэ аттыгар кыргыспыттар. Дьоппуон 34 тыһыынчалаах сэриитэ нуучча 33 тыһыынчалаах сэриитин кыайбыт.
  • 1911 — академик Радлов В. В. саҕалааһынынан Дьокуускайга Сибиири үөрэтэр уонна олоҕун-дьаһаҕын тупсарар уопсастыба отдела арыллыбыт.
  • 1912 — Дьокуускайга улахан халааһын буолбут. Уоруйахтар «Коковин уонна Басов» атыы дьиэтиттэн көмүс уонна да атын сээкэйдэри уоран 10 тыһыынча солкуобайдаах хоромньуга тэппиттэр.
  • 1919 — Күһүҥҥүттэн ыла салҕаммыт Сэтинньитээҕи өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Германия өрөспүүбүлүкэ буолбут.
  • 1932 — НСДАП (нацистар баартыйалара) Германияҕа быыбарга 38% куолаһы ылбыт.
  • 1938 — Приморскай кыраай кыраныыссатыгар Хасан күөлүгэр Сэбиэскэй Сойуус уонна Дьоппуон ыккардыларыгар кыргыһыы саҕаламмыт.
  • 1941 — Аан дойду Иккис сэриитэ: Смоленскайдааҕы кыргыһыы түмүгэр Германия 300 000 кэриҥэ сэбиэскэй саллааты билиэн ылбыт.
  • 1954 — Италия альпинистара аан бастакынан К2 (Чогори) диэн Гималаай хайаларыгар баар чыпчаалга тахсыбыттар. Бу чыпчаал үрдүгүнэн аан дойдуга иккис.
  • 1955 — Мииринэй бөһүөлэк аатын ылбыт. Бу күнү Мииринэй куорат төрүттэммит күнүнэн ааҕаллар.
  • 1976 — Канада Монреалыгар Олимпийскай оонньууларга көҥүл тустууга финаллар ааспыттар. Манна Дмитрий Коркин иитиллээччилэрэ Павел Пинигин кыһыл көмүс мэтээли, оттон Александр Иванов уонна Роман Дмитриев үрүҥ көмүс мэтээллэри ылбыттар.
  • 1985 — Саха АССР-га Монголия күннэрэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктэммиттэр. МНР артыыстара Саха государственнай музыкальнай тыйаатырыгар, «Спартак» стадиоҥҥа, Намҥа, Покровскайга, Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Мирнэйгэ, Ньурбаҕа, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ сылдьаннар, бэйэлэрин айар талааннарын көрдөрбүттэр. Монгол суруйааччылара саха суруйааччыларын кытта көрсүбүттэр, монгол киинэлэрэ көрдөрүллүбүттэр, Монголия худуоһунньуктарын быыстапката буолбут.
  • 1991 — АХШ уонна ССРС стратегическай (ядернай) сэрии сэбин аҕыйатар СНВ-I дуогабарын түһэрсибиттэр. Сотору кэминэн Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын да иһин Арассыыйа бу дуогабары тутуспута.
  • 1992 — Грузия Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэригэр (ХНТ) киирбит.
  • 2008 — Марска уу көстүбүтүн туһунан НАСА иһитиннэрбит.
  • 2012 — Харбыыһыт Майкл Фелпс биир Олимпийскай оонньууларга сүүйбүт мэтээлин ахсаанынан 1964 сыллааҕы гимнастка Лариса Латынина рекордун куоһарбыт.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА