Аан дойдуга мэйии күнэ бэлиэтэнэр.
1954 сыллаахха ССКП Киин кэмитиэтэ (ЦК КПСС) «Дьоҥҥо чөл олох пропагандатын күүһүрдэр миэрэлэр тустарынан» уураах ылыммыт. Мантан ыла Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн арыгыһыттары сэмэлиир, чөл олоҕу, физкультураны көҕүлүүр хампаанньа саҕаламмыт.
Бу күн саха фольклорун чинчийээччи, дулгаан фольклорун хомуйбут тарбахха баттанар дьонтон биирдэстэрэ Прокопий Ефремов, саха живописеһа Зинаида Курчатова, ядроны быраҕар спортсменка Евгения Колодко төрөөбүттэр.
- Буокса аан дойдутааҕы күнэ
- Аан дойдутааҕы Мэйии күнэ
- Азербайдьан — Дойду прессатын күнэ
- Гамбия — Өрөбөлүүссүйэ күнэ. 1994 сыллаахха Яхья Джамме салалталаах бөлөх былааһы былдьаабыт
- Суазилэнд — Эсватини хоруоллукка (урукку аата Свазиленд) Уопсастыба күнэ
- Таджикистан — Таджикистан Өррөспүүбүлүкэтигэр Судаарыстыба тылын күнэ
- КАӨ — Мас олордуу күнэ
- Саравак — Хари Саравак (Саравак күнэ), бу күн 1963 сыллаахха билигин Малайзия Федерациятыгар киирэр Саравак штаат Британия хоруонатыттан тутулуга суох буолбут
Түбэлтэлэр:
- 1099 — Крестоносецтар Иерусалим куоратын сэриилээн ылан баран манна бэйэлэрин хоруоллуктарын олохтообуттар.
- 1246 — Италия айанньыта 65 саастаах францисканнар уордьаннарын манааҕа Джованни да Плано Карпини европеецтартан бастакыннан Монгуол импиэрийэтин киин куоратыгар Каракорумҥа тиийбит.
- 1793 — Шотландияттан төрүттээх чинчийээччи Александр Маккензи (Alexander Mackenzie) Канааданы илинтэн Чуумпу далайга диэри быһа охсубут бастакы европеец буолбут.
- 1814 — индеецтэр биэс биис-уустара Огайоҕа АХШ-ы кытта эйэлэспиттэр уонна Англияҕа сэриини биллэрбиттэр.
- 1913 — Саха уобалаһын күбүрүнээтэринэн олорбут Иван Крафт Дьокуускайтан Красноярскайга көһөн барбыт.
- 1929 — КВЖД-ны былдьаһан ССРС уонна Кытай сэриилэрэ саҕаламмыт.
- 1930 — ССРС-ка Колхозцентр холкуостаахтар хамнастарын харчынан буолбакка көлөһүн күнүнэн аахсалларын туһунан быһаарыы ылбыт.
- 1934 — Охуоскайга кииннээх Лаамы-Эбээн национальнай уокуруга суох буолбут, оройуоннара Алын Амыр уобалаһыгар (кэлин Хабаровскай кыраай) киирбиттэр.
- 1944 — Судаарыстыбалар ыккардыларынааҕы валюта пуондата тэриллибит.
- 1954 — ССКП Киин кэмитиэтэ (ЦК КПСС) «Дьоҥҥо чөл олох пропагандатын күүһүрдэр миэрэлэр тустарынан» уураах ылыммыт. Мантан ыла Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн арыгыһыттары сэмэлиир, чөл олоҕу, физкультураны көҕүлүүр хампаанньа саҕаламмыт.
- 1977 — Кытайга Мао Цзэдун өлбүтүн кэннэ былаас былдьаһыытын кэмигэр Дэн Сяопин былааска төннүбүт. Кини салайыытынан Кытай экэниэмикэтэ балысхан сайдыы суолугар турбута.
- 1989 — Таджик тыла Таджикистан судаарыстыбаннай тыла буолбут.
Төрөөбүттэр:
- 1596 — Михаил Фёдорович (1645 с. өлб.), нуучча ыраахтааҕыта (1613 сылтан өлүөр диэри), Романовтар династияларын бастакы бэрэстэбиитэлэ. Нуучча хаһаактара аан бастаан Саха сирин бу ыраахтааҕы саҕана булбуттара, Дьокуускайы олохтообуттара.
- 1822 — Грегор Иоганн Мендель — Австрия биолога уонна ботанига, наследственность туһунан үөрэх сайдыытыгар сүҥкэн оруолу оонньообут учуонай.
- 1887 — Густав Герц — ниэмэс физигэ, Нобель бириэмийэтин физикаҕа 1925 сыллааҕы лауреата.
- 1895 — Павел Сухой — сэбиэскэй авиаконструктор, ССРС-ка реактивнай авиацияны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- 1928 — Кирилл Горохов (26.11.1964 өлб.) — Саха Сирин өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи устуоруйатын, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар устуоруйаларын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1933 — Прокопий Ефремов (20.01.1992 өлб.) — саха фольклорун чинчийээччи, дулгаан фольклорун хомуйбут тарбахха баттанар дьонтон биирдэстэрэ, ССРС билимнэрин Академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ. 1965 сыллаахха Государственнай антирелигиознай издательство архыыбыгар (Москуба) Гавриил Ксенофонтов «Эллэйадатын» булбуттаах.
- 1946 — Мирей Матье — француз ырыаһыта.
- 1948 — Зинаида Курчатова — саха живописеһа.
- 1951 — Олег Газманов — Арассыыйа эстрадатын ырыаһыта.
- 1983 — Кирилл Толмацкай (Децл) — Арассыыйа рэп-толорооччута.
- 1990 — Нерюнгри куоракка Евгения Колодко — ядроны быраҕар спортсменка.
Өлбүттэр:
- 1826 — Джузеппе Пьяцци — Церера астероидын арыйбыт Италия астронома.
- 1958 — Михаил Зощенко (1894 төр.) — нуучча сэбиэскэй суруйааччыта, драматург, сценарист уонна тылбаасчыт. Нуучча литэрэтиирэтин классига.