Саха сирин спортсмена Анна Котковец остуол тенниһигэр Коряттан кыттар Хай Йеун Чон 3:1 ахсаанынан хоттордо. Спорт бу көрүҥэр «Азия оҕолоро» Оонньууга өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар 8 спортсмен киирбитэ.
«Кыайыыны уйуохха наада. Мин олус күүстээх утарсааччыны кытта кииристим. Эһиги бары көрбүккүт курдук, бастакы тайм балачча ситиһиилээх этэ. Соҕуруу Корея тренерэ иитиллээччитигэр сүбэлээбитин кэннэ кини тута кыайда. Мин онтон хомойбоппун», — диэн СИА-ҕа Анна Котковец эттэ.
Остуол тенниһигэр өрөспүүбүлүкэ кылаабынай тренерэ Аркадий Иванов этэринэн, биһиги кыыспыт бастакы баартыйаны бэркэ оонньоото. Ол эрээри, Соҕуруу Корея тренерин комментарийын кэнниттэн хотторон хаалла. «Биһиги онтон санаабытын түһэрбэппит. Дьоһун утарсааччыга кыайтардыбыт. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата Россия хамаандаларыттан соҕотох финал чиэппэригэр диэри тиийдэ», — диир кини.