Остуол тенниһигэр күрэхтэһии үһүс күнэ Саха сирин хамаандатыгар соччо ситиһиитэ суохтук ааста. Финал чиэппэригэр соҕотохтуу оонньууга биир эрэ кыыс ааста. Хамаанданы барыта аҕыс оҕо көмүскүүр.
«Бүгүҥҥү оонньуулар биһиги хамаандабытыгар олус ыараханнык бэрилиннилэр. Финал чиэппэригэр Анна Котковец эрэ ааста. Монголия бэрэстэбиитэлин кыайда. Пааранан оонньооһуҥҥа уолаттар бэҕэһээ бары хотторбуттара. Оттон буккаас оонньууга аҕыс иһигэр түөрт паара киирдэ. Бүгүн ситиһии баар буоларыгар эрэнэбит. Финал да буолара чугаһаата«, — диэн СИА-ҕа Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын салайааччы Анатолий Ефремов иһитиннэрдэ.
Турнир от ыйын 11 күнүгэр түмүктэнэр. Уолаттар уонна кыргыттар биирдиилээн, пааранан уонна буккаас хайысхаларынан күрэхтэһэллэр.