Оскуолалар, дьыссааттар, орто үөрэх тэрилтэлэрэ Роспортребнадзор ирдэбиллэрин учуоттаан үлэлиэхтэрэ.
Россия оскуолалара, колледжтара 2020-2021 үөрэх дьылын балаҕан ыйын 1 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут киэбинэн саҕалыыр былааннаахтар. Ол туһунан РФ үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов пресс-конференциятын кэмигэр эттэ.
«Балаҕан ыйын 1 күнүгэр үөрэнээччилэр оскуолаларыгар кэлэллэрин күүтэбит. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолалары, дьыссааттары, орто үөрэх кыһаларын арыйар былааннаахпыт. Биллэн турар, Роспотребнадзор кэккэ ирдэбиллэрэ хайаан да тутуһуллаллар. Биһиги төрөппүттэри, оҕолору кытта иһитиннэрэр-сэрэтэр үлэни ыытабыт«, — диэтэ Кравцов.
РФ үөрэҕин министиэристибэтэ кулун тутар 14 күнүгэр коронавирустан сэрэтэр сыаллаах үөрэҕи «дистанционнай» киэбинэн ыытарга көһөрбүтэ. Муус устар бүтэһигэр 1 — 8 кылаастары ыам ыйыгар үөрэхтэрин бырагырааматын ситиһиннэрэн, тохтотору эппитэ, 10 кылаастары — ыам ыйын 30 күнүгэр, 9 уонна 11 кылаастарга — бэс ыйын 5 күнүгэр диэри.