22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Орто Халыма улууһугар Арчы дьиэтэ — духуобунас бэлиэтэ

15:15, 21 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха омук барахсан баччааҥҥа диэри бэйэтин төрүт үгэстэрин, культуратын өрө тутан, бүөбэйдээн кэллэ. Киһи ис баайа — духуобунаска сытар. Духуобунай өттүнэн баай киһи, ханнык баҕарар кэми муударайдык ылынан олорор.


Ыраах Орто Халыма улууһугар төрүт сахалар духуобунас сайдыытыгар болҕомтолорун ууран, нэһилиэк аайы бэйэ күүһүнэн Арчы дьиэлэрин туттан киирэн, саха төрүт үгэстэрэ симэлийбэтигэр күннэтэ үлэлэһэллэр.

„Сахамедиа холдинг“ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Афанасий Ноев Орто Халымаҕа сырыытын чэрчитинэн Өлөөкө Күөл бөһүөлэккэ ыалдьыттаата. Манна кинини нэһилиэк далбардара алгыс тылынан, сыалаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Бу курдук хоту дойду далбар хотуттара кэлбит-барбыт ыалдьыттары көрсөр үтүө үгэстээхтэр.

Алаһа дьиэ араҥаччыта Мария Созонова ыраахтан кэлбит ыалдьыкка үлэлэрин-хараларын билиһиннэрдэ. Ол курдук Арчы дьиэтигэр сылы эргиччи араас үлэ тохтобула суох ыытыллар. Манна бириэмэлэрин сөпкө аттаран, араас интэриэстэринэн күн аайы мусталлар. Биир күн дьөһөгөй оҕотун сиэлин өрүү куруһуога, иккис күн айар дьоҕурдаахтар литературнай түмсүүлэрэ, үһүс күн сахалыы кыбытык тигиигэ уһуйуллуу, о.д.а. араас хайысхалаах көрсүһүүлэр буолаллар. Бу истиҥ көрсүһүүлэригэр далбардар ааспыт кэм ырыаларын ыллаан аралдьыйаллар, куруук итии үүттээх чэйдээх сандалыларыгар олорон үтүөнү эрэ кэпсэтэллэр, быһатын, дууһалыын сынньаналлар.

Нэһилиэккэ Арчы дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киириитэ кэнчээри ыччакка эмиэ туһалаах. Ол курдук төрүт культура уруоктарыгар манна кэлэн дьарыктаналлар, өбүгэлэрин төрүт үгэстэрин кытта билсэллэр.

Онон уһук хоту саха норуотун сайдар кэскилэ — Арчы дьиэтиттэн саҕыллар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА