22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Орто Халыма оҕолоро көҥүл тустуу турнирыгар күөн көрүстүлэр

15:07, 14 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 13-14 күннэригэр Орто Халыма куоракка Сумоҕа аан дойду үрүҥ көмүс призёра, Европа боруонса призёра, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, Орто Халыма улууһун баһылыга Евгений Михайлович Слепцов бирииһигэр үгэс буолбут оскуола оҕолоругар биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин көҥүл тустууга региональнай турнир ыытылынна.

Быйылгы көбүөргэ 5 хамаанда: Орто Халыма куораттан Оҕо-ыччат спортивнай оскуолатын, Ойуһардаах, Сылгы Ыытар, Налимскай уонна Аллараа Халыма улууһун Черскэй хамаандата кэлэн күөн көрүстүлэр. Уопсайа 12 ыйааһыҥҥа 70 бөҕөс кыттыыны ылла.

Икки күннээх хатыһыылаах киирсиилэр түмүктэринэн бэйэлэрин ыйааһыннарыгар чемпион үрдүк аатын ыллылар:

23 киилэҕэ диэри: Антон Белоногов (Орто Халыма к., 2-с кыл.);

26 киилэҕэ диэри: Роберт Аргунов (Орто Халыма к., 5-с кыл.);

30 киилэҕэ диэри: Саша Оконешников (Орто Халыма к., 6-с кыл.);

34 киилэҕэ диэри: Влад Гуляев (Орто Халыма к., 7-с кыл.);

38 киилэҕэ диэри: Петя Винокуров (Ойуһардаах б., 7-с кыл.);

42 киилэҕэ диэри: Андрей Бандеров (Ойуһардаах б., 6-с кыл.);

46 киилэҕэ диэри: Вова Анисимов (Орто Халыма к., 7-с кыл.);

50 киилэҕэ диэри: Гоша Шкулёв (Ойуһардаах б., 9-с кыл.);

55 киилэҕэ диэри: Виталий Винокуров (Ойуһардаах б., 8-с кыл.);

60 киилэҕэ диэри: Алёша Волков (Сылгы Ыытар б., 11-с кыл.);

65 киилэҕэ диэри: Влад Винокуров (Сылгы Ыытар б., 11-с кыл.);

65 киилэттэн үөһээ: Саша Винокуров (Сылгы Ыытар б., 11-с кыл.).

Оттон хамаанданан түмүк тугу көрдөрдө диир буоллахха, Налимскай хамаандата III-c бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ. II-c миэстэни Ойуһардаах хамаандата ылары ситистэ. Орто Халыма куоратын Оҕо-ыччат спортивнай оскуолата I-кы миэстэни ылан, Кубок хаһаайынынан буолла.

Салгыы хабыр хапсыһыылаах хапсаґай көрүҥэр үс ыйааһыҥҥа абсолютнай киирсиилэр буоллулар. Манна 34 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Налимскай бөґөһө, 6-с кылаас үөрэнээччитэ Арсен Третьяков чемпион үрдүк аатын сүктэ. 46 киилэҕэ диэри Орто Халыма куорат бөҕөһө, 7-с кылаас үөрэнээччитэ Вова Анисимов эрэллээхтик бастаата. Оттон үрдүкү ыйааһыҥҥа Сылгы Ыытар кэскиллээх бөҕөһө, 11-с кылаас үөрэнээччитэ Алёша Волков кыайыан кыайда.

Үгэс быһыытынан анал номинациялар бэйэлэрин хаһаайыннарын буллулар. Ол курдук “Бастыҥ техникатын иһин” номинация хаһаайынынан Сылгы Ыытар хамаандатын чилиэнэ Алёша Волков; “Кыайыыга дьулуурун иһин” номинация кыайыылааҕынан Ойуһардаахтан Виталий Винокуров; “Кыраһыабай быраҕыы иһин” номинация хаһаайынынан Черскэй бэрэстэбиитэлэ Данил Берёзкин буолла.

Кыайыылаахтар мэтээлинэн, кырааматанан уонна бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Орто Халыма куоратын Оґо-ыччат спортивнай оскуолатын тустууга тренерэ Семён Гаврилович Ефимов: “Турнир кыайыылаахтарын уонна призёрдарын ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит. Быйылгы үөрэх дьылыгар бу бүтэһик көрсүһүүбүт. Кэлэр сылга тохсунньуга Сылгы Ыытарга, салгыы Ойуһардаахха, онтон Арҕахтаахха уонна сааһын бу курдук Орто Халыма куоракка үгэс буолбут күрэхтэрбитигэр көрсүөххэ диэри!” — диэн турниры түмүктээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар