22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Орто Халыма, Муома улуустарыгар ойуур баһаардарын от ыйын 29 күнүнээҕи туруга

17:01, 29 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муома, Орто Халыма улуустарын баһылыктара ойуур баһаардарын от ыйын 29 күнүнээҕи туруктарын туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдилэр.


«Орто Халыма улууһугар бүгүн балаһыанньа ама. Сыбаатайга минеральнай балаһаны кэҥэтии, уот көрдүгэннэрин умулуннарыы үлэлэрэ салҕаналлар. Уот кытары охсуһууга 70 киһи сылдьар – түөрт биригээдэ уонна алта тиэхиньикэ. Өлөөкө Күөл таһыгар 2 килэмиэтирдээх хоруу хаһаллар. Онно 60 киһи, ол иһигэр МЧС аэромобильнай бөлөҕүн 20 үлэһитэ бааллар», — диэн төлөпүөнүнэн Орто Халыма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Руслан Гаврильев кэпсээтэ.

Муома улууһун баһылыга  Иван Павлов Хонуу нэһилиэгин таһынааҕы баһаар бохсулуммутун иһитиннэрдэ. «Биир баһаар Соболоох нэһилиэгиттэн 4 км сиргэ умайар. Онно уот баҕаналара былдьаннылар. Нэһилиэк дизельнэй генераторынан уоттанан олорор. Энергетиктар уот линияларын чөлүгэр түһэриинэн дьарыктаныахтара», — диэтэ Иван Павлов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА