22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Орто Дойду" зоопаркаҕа саҥа комплекс арыллара күүтүллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Орто Дойду» зоопаркаҕа«тайҕа олохтоохторо» саҥа комплекс үөрүүлээх арыллыытыгар бэлэмнэнэ сылдьаллар. Зоопарк научнай- сырдатар отделын методиһа Саргылана Налырова кэпсииринэн, комплекс ыам ыйын саҥатыгар көрөөччүлэри киллэрэн саҕалыаҕа.

Саҥа комплекска тайҕа сиэмэх кылларыгар анаан аһаҕас вольер тутуохтара, манна күүлэйдээччилэр саһыллары, бөрөлөрү, бэдэрдэри көрүөхтэрин син. Хас биирдии вольер икки этээстээх  буолара былааннанар: үөһэттэн көрөргө анал балконнаах уонна аллараатыгар киэҥ панорамнай түннүктээх. Үөрүүлээх арыллыыга барыта түөрт вольер бэлэмнэнэр. Кэлэр ыйдарга электрическэй бостууктары туруоруохтара, сири-уоту тупсарыахтаара, сатыы дьон сылдьар суолларын олохтуохтара.

Саргылана Налымырова кэпсииринэн, кыыллар аа-дьуо үөрэнэллэрин курдук, саҥа вольердарга сыыйа көһөрүөхтээхтэр.

«Билигин аҕыйах кыыллары көһөрдүлэр. Салгыы ким ханна олордорбутун быһаарыахпыт. Саҥа сири бары үчүгэйдик ылыннылар: саҥа вольердар быдан улахаттар, ол иһин кыылларга олус табыгастаах, айылҕаҕа сылдьалларын кэриэтэ. Холобур, бөрөлөр, тута кутуйаҕы бултаспыттар этэ», — диэн кэпсээтэ.

Кини этэринэн, комплексы икки сыл кэриҥэ туппуттар. Ааспыт сыл бүтүүтэ зоопарк лицензиялааһын процедуратын ааһан, болдьоҕо суох лицензияны ылбыт. Билигин сүрүн соруктара — кыыл-сүөл олорор эйгэтин тупсарыы.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА