Бэлиэ күннэр
- Саха халандаарыгар «Дьыл оҕуһун иккис муоһа тостон» (сорох сиргэ бастакы муоһа тостор дииллэр), тымныы кылаана сынтарыйар, өргөһө мүлүрүйэр.
- Дарвин күнэ
- ХНТ — Кыһыл Илии күнэ (Оҕо саллааттары туһаныыны утарыы дойдулар ардыларынааҕы күнэ)
- Мьянма — Сомоҕолоһуу күнэ
- АХШ — Ыал буолуу көҥүлүн национальнай күнэ
- АХШ — Линкольн төрөөбүт күнэ
- Таджикистан — Душанбеҕа 1990 сыл олунньу 12-14 күннэригэр буолбут маассабай долгуйууга өлбүт дьон кэриэстэбиллэрин күнэ
Түбэлтэлэр
- 1864 — Москуба зоопарката аһыллыбыт.
- 1908 — Англияҕа оҕо табахтыырын көҥүллүүр киһи ыстырааптанар буолбут.
- 1912 — Кытай бүтэһик импэрээтэрэ Сюаньтун (Пу И) бүрүстүөлүттэн батыммыт.
- 1918 (эргэ стилинэн тохсунньу 30) — Дьокуускайга Бастакы суһал ыҥырыылаах Саха уобалаһын земствотын мунньаҕа саҕаламмыт, муус устар 9 күнүгэр түмүктэммит (эргэ стилинэн кулун тутар 27-гэр). Мунньахха уобалас бэйэтин салайыныытын, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын ырыппыттар. 35 гласнайтан 24-э кэлбит, саха улуустарын бас-көс дьоно. Уобалас земскэй быраабата талыллыбыт: бэрэссэдээтэл — Василий Никифоров — Күлүмнүүр, чилиэннэрэ — Попов В.В., Памфил Осипов (Иноземцев), Петр Яковлев, П.Е. Баранов. Уобаластааҕы земство мунньаҕа Совнаркому киин былааһынан билиммэтэх, Петроград Саха уобалаһын салайыытыгар орооһорун утарбыт.
- 1941 — Ыарыһаҕы аан бастаан пенициллин көмөтүнэн эмтээн үтүөрдүбүттэр.
- 1947 — Приморскай кыраайга Сихотэ-Алинь хайаларыгар улахан метеорит түспүт. 60-100 тонналаах тимир метеорит сиргэ тиийиэн иннинэ салгыҥҥа бытарыйбыт.
- 1955 — ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ Байконур космодромун тутарга уураах таһаарбыт.
- 1958 — Кытайга Кэскилгэ баараҕай ойуу бэлиитикэтин иһинэн тыа хаһаайыстыбатыгар буортулаах үөннэри утары охсуһуу хампаанньата саҕаламмыт. Ол курдук күтэрдэри, бырдаҕы, сахсырҕаны уонна барабыайдары кыдыйарга быһаарыллыбыт. Бу хампаанньа кытай омугар ыар түмүктээх буолбута — 20-тэн 40 мөлүйүөҥҥэ диэри киһи өлбүтэ.
- 1992 — Монголия билиҥҥи конституцията олоххо киирбит.
- 2001 — NEAR Shoemaker диэн космос аппарата бастакынан астероидка «сымнаҕастык» олорбут.
- 2019 — Македония Өрөспүүбүлүкэтэ аатын уларытан Хоту Македония Өрөспүүбүлүкэтэ диэн буолбут. Бу дойду Македония диэн ааттанарын Греция утарара.
Төрөөбүттэр
- 1809 — Чарлз Дарвин — эволюция түөрүйэтин айбыт Англия чулуу учуонайа, айылҕаны чинчийээччи, айанньыт.
- 1809 — Авраам Линкольн — 1861—1865 сылларга АХШ 16-с бэрэсидьиэнэ. Кини кэмигэр АХШ Гражданскай сэриитэ буолбута. Линкольн АХШ-га кулуттааһыны утарбыта, ол иһин «Улуу босхолооччу» диэн ааттаммыта.
- 1833 — Александр Чекановскай — нуучча геолога, палеонтолог, Сибиири чинчийээччи.
- 1898 — Исидор Барахов (Иванов) — Саха АССР төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, XX үйэ саҕаланыытыгар үлэлээбит биллиилээх судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл.
- 1900 — Арвед Паулин — Саха АССР үрдүкү салататыгар өр сылларга үлэлээбит Латвияттан төрүттээх бассабыык, Дьокуускай куоратын Ытык олохтооҕо (2000).
- 1917 — Кирилл Попов — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитэ, Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, разведчик, отделение хамандыыра.
- 1934 — Будимир Слепцов — 2005 сыллаахтан СӨ Бэтэрээннэрин Сүбэтин бэрэстээтэлэ, 1992-1997 сылларга СӨ Бэрэсидьиэнин, Бырабыыталыстыбатын дьыалаларын дьаһайааччыта. «Хотугу сулус» уордьан кавалера (2002), Абый улууһун Ытык олохтооҕо.
Өлбүттэр
- 1804 — Иммануил Кант — ниэмэс улуу бөлөһүөгэ.
- 1856 — Николай Лобачевскай — нуучча математига, неевклидовай геометрия айааччыларыттан биирдэстэрэ, университет үөрэҕириитин уонна дьону сырдатыы диэйэтэлэ.