22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Олунньу 10 күнэ. 1837 сыллаахха А.С. Пушкин дуэльга өлөр - Бикипиэдьийэ

09:01, 10 февраля 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1258 — Хулагу хаан монгуоллара ислам эйгэтин сүрүн куоратын Багдады сэриилээн ылбыттар. Багдад букатын урусхалламмыт уонна хас эмэ үйэ тухары чөлүгэр түспэтэх. Манан ислам Көмүс үйэтэ түмүктэммит.
  • 1355 — Оксфордка, Аангылыйаҕа үнүбэрситиэт устудьуоннарын уонна олохтоохтор ыккардыларыгар ,устудьуоннарга куһаҕан арыгыны куппуттарыттан сылтаан ,кырыктаах охсуһуу тахсыбыт, үс хонук иһигэр 63 устудьуон уонна уһуйааччы өлбүт, олохтоохтортон отучча киһи суорума суолламмыт. Аангылыйа хоруола хамыыһыйа ыытан быһаарсыбытын түмүгэр куорат олохтоохторо буруйдаммыттар, мээр хаайыыга ыытыллыбыт.
  • 1502 — Васко да Гама Лиссабонтан (Португалия) Ииндийэҕэ иккис айаныгар аттаммыт.
  • 1712 — Уилличе омуктар Чилоэ арыыларга (Чиили атта) испанецтары утары өрө турбуттар. Ол саҕана Испания энкомьенде диэн ааттанар сокуонунан бигэргэтиллибит үгэстээҕэ: биирдиилээн дьон сэриилээн ылбыт омуктарын (христианнартан уратылары) үлэлэтэн байар-тайар бырааптаахтара, кулуттааһын биир көрүҥэ этэ. Кулуту бас билээччилэр энкомендерос диэн ааттаналлара.
  • 1814 — Наполеон сэриилэрэ: Франция хотугулуу-илин өттүэр баар Шампобере сэлиэнньэ аттынааҕы кыргыһыыга французтар 5 тыһыынча киһилээх куорпустара нууччалар уонна пруссактар 4 тыһыынча киһилээх сэриилэрин кыайбыт. Нуучча сэриитин баһылыга генерал-лейтенант Олсуфьев билиэҥҥэ түбэспит.
  • 1846 — Аангылыйа уонна сикхтэр ыккардыларынааҕы бастакы сэрии: Собраон аттынааҕы тиһэх кыргыһыыга Ост-Ииндийэ хампаанньатын аармыйата Пенджаб аармыйатын кыайбыт.
  • 1906 — Британияҕа саҥа кылаастаах, туох баар атын хараабыллартан таһыччы күүстээх броненосец «Дредноут» ууга киллэриллибит. Сотору кэминэн атын дойдулар эмиэ маннык кылаастаах броненосецтары тутан «куоталаһан» барбыттара.
  • 1928 — Конфедералистар хамсааһыннарын силиэстийэлии БКП(б) Киин Кэмитиэтин анал хамыыһыйата сыарҕанан Дьокуускайга кэлбит. Хамыыһыйаҕа БКСК бэрэстээтэлин солбуйааччы Ян Полуян, ОГПУ Анал салаатын салайааччыта Сергей Пузицкай, БКП(б)КК бэрэстэбиитэлэ Александр Асаткин уонна ОГПУ силиэдэбэтэллэрэ бааллар эбит. Бу хамыыһыйа кэлбитин кэннэ саха бастыҥ дьонугар ыар күннэр үүммүттэр. Архыып матырыйааллара көрдөрөллөрүнэн, уопсайа 289 киһи сууттаммакка эрэ холуобунай дьыалаҕа эриллибит, олортон 130-та ытыллыбыт, элбэх киһи лааҕырга уонна түрмэ хаайыытыгар ыытыллыбыт. Ытыллыбыт дьон өлүктэрэ сайын өрүскэ дагдайан тахсыбыттара биллэр. Онтон хамыыһыйа салайааччылара Полуян, Пузицкай, Асаткин 1937 сыллаахха бэйэлэрэ репрессияҕэ түбэһэн ытыллыбыттара.
  • 1930 — Арҕаа Хаҥалас уонна Нам улуустара тэриллибиттэр, ону кытары Мэҥэ уонна Илин Хаҥалас улуустара холбоhууларыттан Мэҥэ-Хаҥалас улууһа тэриллибит.
  • 1935 — Бүлүү улууһуттан араарыллан Үөһээ Бүлүү улууһа тэриллибит.
  • 1947 — Аан дойду иккис сэриитигэр хотторбут ИталияРумынияВенгрияБолгарияФинляндия биир өттүттэн уонна кыайыылаах тахсыбыт сойуустаахтар -иккис өттүттэн —Парижтааҕы эйэ сөбүлэҥнэригэр илии баттаабыттар. Бу сөбүлэҥнэринэн хотторбут дойдулар тутулуга суох буолаллара уонна Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэригэр киирэллэрэ бигэргэтиллибит, элбэх репарация төлөөбүттэр.
  • 2021 — Үгэс курдук сылын ахсын ыытыллар Рио-де-Жанейро карнаваала (Бразилия) COVID-19 хамсыгыттан сылтаан буолбат буолбут.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1837 — нуучча улуу поэта бааһырбытын кэннэ өлбүтэ. Улуу поэт Жорж Шарль Дантес, французскай офицер- кавалериһы кытары дуэльга өлбүтэ. Ол иһин бу күн А.С.Пушкин кэриэстэбилин бэлиэтииллэр.
  • 1942 — Егор Мыреев — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, 65 ахсааннаах бэргэн ытааччы, бэргэн ытааччылар уһуйааччылара. 1940 сыллаахха Ленинградтааҕы театральнай институкка үөрэнэ барбыт уонна онтон сэриигэ ыҥырыллыбыт. Кини аата Ленскэй улууһун Бэтинчэ орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ. Бэтинчэ ытык киһитэ.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА