22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Олоҥхо ыһыаҕар саха оҕун оноҕосторо кыырайдылар

16:27, 30 июня 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олоҥхо уруйдаах Ыһыаҕын Дьөһөгөй түһүлгэтигэр Саха сирин историятыгар аан маҥнайгытын «Көкөөнөй уус күөртээбит, Бакаанай уус балталаабыт үс бастаах тэлээн-былаан саардаан ох» саха оҕунан ытыыга бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэс буолан ааста.


Ох саа – түҥ былыргы сахалар биир саамай суолталаах уонна уустук оҥоһуулаах сэриигэ уонна булка-алка туттар тыын суолталаах тэриллэрэ буолар. Ох саанан уһулуччу бэргэнник ытааччылар уонна сымсатык оноҕостон аһарааччылар тустарынан үһүйээннэр күн бүгүҥҥэ диэри уос номоҕуттан түспэттэр. Ол да иһин ыһыах Дьөһөгөй түһүлгэтигэр көрөөччү толору тоҕуоруспут.

Санатар эбит буоллахха, быйыл тохсунньу 17 күнүгэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ, Олоҥхо уон сылын бэлэмнээн ыытар СӨ национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков көҕүлээһининэн саха омуга түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит, булка-алка, кыргыһыыга туттубут ох саатын сөргүтэр сыаллаах «Саха ох саата: өбүгэ үгэһиттэн – Олимпиада оонньууларыгар тиийэ» диэн «төгүрүк остуол» ыытыллыбыта. Өбүгэ үгэһин сөргүтэр көҕүлээһин үгүс дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Саха сирин түмэллэриттэн хомуллубут сэдэх ох саалар быыстапкалара, уустар төрүт үгэһинэн ох сааларынан оҥорууга саҕалааһыннара дьон сэҥээриитин ылбыта.

Үс үллэр үөстээх үрүҥ көмүс сүүрүктээх, үллэр үрүмэ долгуннаах, кырылыы турар кыһыл көмүс кытыллаах, холобура биллибэт хоргун Бүлүү, сыаната биллибэт сыа Бүлүү сиригэр ыытыллыбыт «Көкөөнөй уус күөртээбит, Бакаанай уус балталаабыт үс бастаах тэлээн-былаан саардаан ох» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттааччылар Саха сирин сэттэ улууһуттан мустубуттар: Николай Аржаков (Дьокуускай к.), Роман Готовцев (Уус-Алдан), Василий Гоголев (Дьокуускай к.), Леонид Васильев (Таатта), Яков Данилов (Таатта), Кирилл Петров (Сунтаар), Николай Пестряков (Уус-Алдан), Геннадий Оллонов (Уус-Алдан), Владимир Егоров (Уус-Алдан), Семен Петров (Уус-Алдан), Алексей Скрябин (Амма), Павел Попов (Чурапчы), Айаан Михайлов (Бүлүү).

«Көкөөнөй уус күөртээбит, Бакаанай уус балталаабыт үс бастаах тэлээн-былаан саардаан ох» саха оҕунан ытыы күрэҕин Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ, Олоҥхо уон сылын бэлэмнээн ыытар СӨ национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков эҕэрдэ тылынан арыйда.

«Ыһыахтарга саха норуотун умнуллан эрэр үгэстэрин сөргүтүү, ыһыахха мустубут дьон сэҥээриитин, кинилэр болҕомтолорун тардыыга дьулуһуу бүгүн бастакытын ыытыллар буолбатах. Эһиги билэргит курдук, күнү көрсүү, дьиҥинэн, былыргыта ыһыаҕы кытта улахан ситимэ суох туспа сиэр-туом этэ. Ити сиэр-туом умнуллан эрэрин ыһыаҕы кытта ситимнээн, билигин күнү көрсүү сиэрин-туомун толоруу ханнык баҕарар ыһыах биир сүрүн көстүүтэ буолла. Итиэннэ тимир уустарын ыһыахтарга кытыаран, тимиринэн уһаныыны сөргүтүүгэ эмиэ ыһыахтар улахан тирэх буоллулар«, — диэн кини бэлиэтээтэ.

Александр Николаевич бүгүн бастакытын ыытыллар күөн күрэс инники өттүгэр биһиги ыччаттарбыт «ох саата — саха төрүт дьарыга» диэн өйдөбүллээх улааталларыгар, аан дойду түһүлгэлэригэр күрэхтэһэр саха спортсменнарыгар тирэх буолуоҕар эрэнэрин биллэрдэ. Спикер сэттэ улуустан мустубут уустарга саха оҕун сөргүтүү хамсааһынын өйөөбүттэрин иһин махталын тиэртэ.

«Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакытын саха оҕунан ырааҕы ытыыга күрэх ыытылларынан бука барыгытын эҕэрдэлиибин. Ким кыраҕы харахтаах, ким эрчимнээх иҥиирдээх, сындалыйбыт сындааһыннаах ол кыайдын«, — диэн спикер кыттааччыларга ситиһиилэри баҕарда.

Оҕунан ытыыга аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара, Лондоннааҕы Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа, аан дойду кубогын кыайыылааҕа, Россия чемпиона Кристина Тимофеева-Устинова бүгүн Саха сирин спортивнай олоҕор олус үөрүүлээх күн үүммүтүн бэлиэтээн туран саха охчуттарытан ааттарыттан Ил Түмэн бэрэссэдээтэлигэр Александр Жирковка махталын биллэрдэ. Биллиилээх спортсмен тыл этиитин: «Саха оҕо аан дойдуга аатырыаҕа диэн эрэнэбин!», — диэн түмүктээтэ.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Дьокуускайдааҕы 4-с нүөмэрдээх оҕо спортивнай оскуолатын оҕунан ытыыга старшай тренерэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Борис Олесов, СӨ норуотун маастара, «Дархан Уус» Бочуоттаах анал аат хаһаайына Василий Попов, Е.Ярославскай аатынан Саха сирин судаарыстыбаннай кыраайы үөрэтэр түмэлин айылҕаҕа салаатын научнай сотруднига, кыыл чуучулатын оҥорууга Россия чемпиона Иннокентий Павлов, РФ аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара Анатолий Мыреев, СӨ Манчаары оонньууларын үс төгүллээх призера Дьулустаан Федоров буһа-хата үлэлээтилэр.

Күрэхтэһээччилэр оноҕосторун үстүүтэ ытан историяҕа киирэр маҥнайгы күрэх кыайыылааҕын быһаардылар. Саха ох саатын төрүт үгэстэри тутуһан оҥорууга үһүс түһүмэлгэ Леонид Васильев, иккискэ – Кирилл Петров, бастакы миэстэҕэ — Уус Алдантан Роман Готовцев тигистилэр. Саха ох саата аныгы уус оҥоһуутугар саҥалыы тыыны ылан сайдар кэскиллэнэрэ кэрэхсэбиллээх. Ырааҕы ытыыга үһүс миэстэҕэ — Василий Гоголев (136, 60), иккискэ — Павел Попов (136,80) таҕыстылар. Дьокуускай куораттан Николай Аржаков – Боло Уус оноҕоһо 138, 80 ыраах түһэн «Көкөөнөй уус күөртээбит, Бакаанай уус балталаабыт үс бастаах тэлээн-былаан саардаан ох» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыайыылааҕынан буолла.

Ити курдук, быйылгы Ытык Бүлүү сиригэр-уотугар XI өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕар саха оҕун сөргүтүүгэ бастакы оҥкул охсулунна. Саха ох саатын оҥорууну сөргүтэн, төрүт өбүгэлэрбит үйэттэн үйэҕэ бэргэн ытааччы диэн аатырбыт сүдү ааттарын бигэргэтэн, саха спортсменнарын көрдөрүүлэрэ оонньууттан оонньууга, күрэхтэн күрэххэ чаҕылыйа тупсан Олимпийскай оонньуулар чыпчаалларыгар тахсыахтара.

Кристина Тимофеева-Устинова, оҕунан ытыыга аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара, Лондоннааҕы Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа, аан дойду кубогын кыайыылааҕа, Россия чемпиона:

Саха сирин парламенын спикерэ Александр Жирков тус көҕүлээһининэн, норуоппут үтүө үгэһин өрө тутан, ону үйэтитиигэ, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиигэ тиһиктээх, кэскиллээх үлэ саҕаланна. Инникитин өссө элбэх уус саха оҕун оҥоруоҕа дии саныыбын. Саха ох саата аан дойду таһымыгар биллиэҕэ диэн эрэллээхпин! Маастардар быыстапкаларыгар сылдьан, кинилэр ох саа араас көрүҥүн оҥорбуттарын сөҕө-махтайа көрдүм. Ох саа уопсай техниката биир: сыалы кыҥааһын, сыалы табыы. Онон оҕолор кыра саастарыттан саха оҕунан дьарыктанан профессиональнай оҕу баһылыылларыгар улахан тирэҕи ылыахтара дии саныыбын. Оноҕоһунан сыалы табыы киһи олоҕун кытта эмиэ ыкса ситимнээх дии саныыбын. Дьарыгым миэхэ олоххо тус сыалларбын ситиһэрбэр улаханнык көмөлөспүтэ уонна көмөлөһөр. Мин билигин олимпийскай цикл түмүктэнэн сынньана сылдьабын, күрэхтэһиилэргэ барбаппын. Эһиилгиттэн циклбар киирэн, сезонунан сбордарга сылдьар буолуоҕум. Сыалым – Олимпиада!

Василий Гоголев-Уйулҕан, Дьокуускайдааҕы 33 нүөмэрдээх оскуола технологияҕа уонна уруһуйга учуутала, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ:

Төрүт үгэстэри үйэтитиигэ Саха сирин Ил Түмэнэ кэскиллээх үлэни көҕүлээтэ. Бүгүҥҥү күрэскэ дьиҥнээх сахалыы ох сааны оҥорон кытта кэлллим. Биһиги өбүгэлэрбит ох саалара сүрдээх уустук оҥоһуулаах ох сааҕа киирсэр эбит. Холобур, былыр сахалар хатыыс хабаҕынан силимнээн оҥороллоро. Элбэх матырыйаалы үөрэтэн, үөрэнээччилэрбин кытта ити тиэмэҕэ дакылаат суруйан «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференцияҕа хас да төгүл кыттыбыппыт.

Николай Аржаков-Боло Уус, СӨ сахалыы оҥоһуктарын маастара, РФ уустарын Сойууһун чилиэнэ, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо:

Ох саа – былыр-былыргыттан саха эр киһитин тыынын манабыла, дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар тэрилэ этэ. Ытык кырдьаҕастары кытта кэпсэтэн иһиттэхпинэ кинилэр оҕо сылдьан ох саа оҥостон, ытан көрбүттэр эбит. Онон, оҕунан ытыы биһиги хааммытыгар баар. Билигин биһиги сүрүн сыалбыт – ох саатын сөргүтэн, эдэр ыччакка тиэрдии буолар. Мантан инньэ оҕунан ытыы күрэхтэһиилэрэ үгэс буолуохтара дии саныыбын. Саха ох саата уустук оҥоһуулаах. Хас биирдии уус бэйэтэ кистэлэҥнээх буолар. Холобура, бүгүн Уус-Алдантан Роман Готовцев муоһунан оҥорон аҕалбытын сэргии көрдүм. Биһиги оноҕосторбут аан дойду үрдүнэн кыырайа көтүөхтэрэ диэн эрэнэбин.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА