Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар бэс ыйын 19 күнүгэр оһуохай өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурса саҕаланна. Быйыл 100-тэн тахса оһуохай этээччи 20 улуустан кыттар.
Федот Потапов аатынан Амматааҕы култуура киинин кылаабынай исписэлииһэ, куонкурус дьүүллүүр сүбэтин чилиэнэ Анфиса Федорова эппитинэн, үгэс быһыытынан үс көлүөнэҕэ арааран күрэхтэһии барар — оҕолор, ыччат уонна улахаттар. Хас биирдии этээччигэ 10 мүнүүтэ бэриллэр. Дьүүллүүр сүбэ толоруу хаачыстыбатын, ис хоһоонун, оһуохай түһүлгэтин хайдах тэнитэрин, тутарын көрөр.
«Быйылгы куонкурус уратыта диэн хас биирдии кыттааччы улууһугар өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит оһуохайдарын толоруохтаах. Урукку өттүгэр бары бүлүүлүү оһуохайы таһаараллара. Онон быйыл илин эҥэрдэр, хотулар уонна да атын улуустар төрүт илдьэ кэлбит оһуохайдарын истиэхпит, көрүөхпүт», — диэтэ Анфиса Федорова.
Оһуохай үс күн ыытыллар, түмүк бэс ыйын 21 күнүгэр биллиэҕэ.