22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ойуурга уот туруутун 28 чахчыта бэлиэтэнэр

14:36, 18 мая 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Биллэрин курдук, ойуурга баһаары сэрэтэр уонна умулларар миэрэлэри уталыппакка ылар сыаллаах анал эрэсиим муус устар 18 күнүттэн — Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар, 28-тан — киин, арҕаа, илин эҥээр улуустарга уонна ыам ыйын 10 күнүттэн — хотугу уонна соҕурууҥҥу улуустарга киллэриллибитэ.

Борокуратуура уорганнарын дааннайынан, ааспыт 2015 сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ойуур баһаардарын сүрүн биричиинэлэринэн уоту сэрэҕэ суохтук туттуу (29,4%), умуллубут баһаардар хат күөдьүйүүлэрэ (5,3%) уонна кураанах этиҥ (54,4%) буолбуттар.

Былырыын 23901,3 га сиргэ барыта 224 ойуур баһаара бэлиэтэммит. Элбэх баһаар Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Өлүөхүмэҕэ, Намҥа уонна Дьокуускайга тахсыбыт. Уоту сэрэҕэ суохтук туттан, улахан баһаарга тиэрдии чахчытынан 3 холуобунай дьыала тэриллибит, ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһии иһин 400-тэн тахса киһи административнай эппиэккэ тардыллыбыт, уопсайа 2 мөл.солк. тахса суумалаах ыстараап ууруллубут.

Бүгүҥҥү күҥҥэ ойуурга уот туруутун номнуо 28 чахчыта бэлиэтэнэр (былырыын баччаҕа 22 эбит). Ол курдук, Аммаҕа, Горнайга, Кэбээйигэ, Сунтаарга, Уус Маайаҕа, Чурапчыга биирдии, Мэҥэ Хаҥаласка — алта, Намҥа — биэс, Уус Алдаҥҥа — үс, Хаҥаласка уонна Дьокуускайга түөртүү баһаар тахсыбыт. Итинтэн 22-гэр ойуурга уоту сэрэҕэ суохтук туттуу сүрүн биричиинэ буолбут.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА