28 Муус устар 28.04
  • -7°
  • $ 91,78
  • 98,03

Оҕо төлөбүрдэригэр туох уларыйыылар киирдилэр?

11:01, 16 января
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл сыл саҕаланыыта оҕоҕо төлөбүрдэр, босуобуйалар суумалара индексацияланна. Бастатан туран, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ (прожиточный минимум) үрдээн, киин улуустарга, Дьокуускайга: үлэһит киһиэхэ — 24 925 солкуобайга, биэнсийэлээххэ — 19 666 солкуобайга, оҕоҕо — 23 325 солкуобайга тэҥнэстэ, суруйда «Саха сирэ» саайт.

Бу сууматтан оҕоҕо бэриллэр биир кэлим босуобуйа кээмэйэ тутулуктаах: I зонаҕа – 13 923,5 солкуобай (50%), 20 885,2 солкуобай (75%), 27 847 солкуобай (100%);  II зонаҕа – 11 662,5 солкуобай, 17 493 солкуобай, 23 325 солкуобай.

Хат буолууга уонна төрөөһүҥҥэ босуобуйа муҥутуур суумата 383 тыһыынчаттан 565 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээтэ.

Бастакы оҕоҕо биирдэ бэриллэр төлөбүр үрдээтэ: I зонаҕа – 55 694 солкуобай, II зонаҕа – 46 650 солкуобай.

Үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо (2023 сылга диэри төрөөбүт буоллаҕына) 3 сааһыгар диэри ый аайы бэриллэр босуобуйа: I зонаҕа – 27 847 солкуобай, II зонаҕа – 23 325 солкуобай.

Элбэх оҕолоох кыаммат ыалларга оскуолаҕа бэриллэр төлөбүр үрдээтэ: 4 302 солкуобай.

“100 сыл оҕолоро” хапытаал суумата: 110 тыһыынча 775 солкуобай.

Инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр үлэлии таҕыстахтарына да, оҕо көрөр төлөбүрдэрин (14 тыһыынча солкуобай) эмиэ ылар буоллулар. Ол эрээри, толорута суох үлэ күнүгэр, тэйиччиттэн, эбэтэр дьиэҕэ олорон үлэлиир буоллахха диэн усулуобуйалаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА