Быйыл атырдьах ыйын 8 к. күнүс 12 ч. дойду муҥутуур үрдүк чыпчаалыгар – Эльбрус хайатын төбөтүгэр Ньурба улууһун былааҕа тэлээрбитэ.
Дьаархан баһылыга Александр Иванов социальнай ситимнэргэ: «И вот вершина!!!! Мы над всей Россией, на вершине Могучего Эльбруса, под ногами территория от Лондона до Камчатки! Мы донесли Флаг моего родного района до самой высоты, над облаками, над всеми морями, горами и лесами..», — диэн суруйбута. Александр Игнатьевич уоппускаттан дойдутугар кэллэҕинэ ити туҺунан көрсө нкэпсэтэн, хаҺыакка суруйан таҺаарыах буолбуппут. Ааспыт нэдиэлэҕэ кини ол тылын толорон, эрдээксийэҕэ киирэн кэлбитэ.
— Уопсайынан хайаларга тардыспытым ыраатта, — диир Александр Игнатьевич.
— Былырыын Грузияҕа тиийэ сылдьан, Казбек диэн 5 км үрдүктээх Кавказ хайатыгар бэлэмэ суох, турист курдук тахса сатаан баран кыамматаҕым. Онтон сылы быҺа санаа ымыыта гынаммын, Арассыыйа, Европа муҥутуур үрдүк хайатыгар Эльбруска тахсарга бэлэмнэммитим. Ити айылаах хайаҕа тахсар күммэр дойдубун, улууспутун ааттаттахха сатанар диэн былааннаммытым. Оннук тэринэн быйыл былаахпын сүктүм да, хомунан барбытым дии.
— ХаҺан уонна хайдах онно тиийбиккиний?
— Үлэбиттэн уоппускабын ылан, быйыл бырайыастаахпын туҺанан, кыыҺым Нарияналыын Дьокуускайтан Минеральные воды куоракка сөмөлүөтүнэн көппүппүт. Наадалаах сирбитигэр тиийэн кыратык сынньанан баран, атырдьах ыйын 1 к. саҕалаан хайаҕа тахсан киирэн барбыппыт. Хайа чыпчаалыгар тахсыы бырагыраамата 10 күннээх. Ыллыҥ да тута тахсыбаккын. Физическэй бэлэмнэнииҥ үчүгэй буолуохтаах. Хайаҕа төҺөнөн үрдүккэ таҕыстаҕыҥ аайы салгына мөлтөөн, тыынаргар тиийбэт буолан иҺэр, чэчэгэйиҥ тымыра олус күүскэ үллэҥниир, сүрэҕиҥ тахсыах курдук. Онон сыыйа акклиматизацияны ааҺан,организмҥын үөрэтэ-үөрэтэ тахсаҕын. Мин барыам иннинэ 1 ый инниттэн нэдиэлэҕэ үстэ-түөртэ 3-түү км сүүрэн эрчиллибитим, элбэхтэ бэлисипиэти мииммитим. БиҺиги «Хотугу маршрут» диэнинэн саамай хайа тэллэҕиттэн дабайбыппыт, онно базалар диэн суохтар. Бастаан оттоох, үчүгэй баҕайы сирдэр бааллара. Балааккаҕын туруорунан хоно-хоно, үөҺэ дабайаҕын. КыыҺым Нария хайа чыпчаалыгар тахсыаҕа диэн санаабатахпыт, ол эрээри, баҕар, тахсыаҕа диэн баҕа санаа баар этэ. Кини бэйэбэр дылы быҺыылаах, ньоҕойо диэн сүрдээх (күлэр). Нария 14 саастаах, билигин Дьокуускай 17 №-дээх оскуолатыгар үөрэнэр. 2 сирдьиттээх этибит, 14 буолан тахса сырыттыбыт. Барыта Москва, Подмосковье уонна Татарстан дьонноро, Саха сириттэн кыыспыныын иккиэбит эрэ.БиҺигини кытта 53 саастаах Подмосковье дьахтара баара. 10-тан тахса чаас дабайдар даҕаны, сыалын ситиспитэ. Уопсайынан, Эльбруска Саха сириттэн аҕыйах киҺи тахса сырытта, билиҥҥитэ интэриэстэнэ иликтэр. Былырыын Бүлүүттэн биир спортсмен киҺи тахса сылдьыбытын билэбин. Оттон кыыҺым Нария Саха сирин оҕолоруттан, арааҺа, Эльбруска бастакынан тахсыбыт буолуохтаах. Эльбрус үрдүкү туочуката 5621 м. Икки төбөлөөх, ону биҺиги илиҥҥи чыпчаалыгар тахсыбыппыт. Арҕаа төбөтүгэр тахсарга дөбөҥ, соҕуруу өттүттэн фуникулердар «ханааттаах суоллар» тахсаллар, базалар, кафелар бааллар. Онон илиҥҥи чыпчаалга тахсардааҕар чэпчэки. Аара базалар баар сирдэригэр тиийбиппит. Альпинистар онтон тахсаллар эбит. Түүн 3 чаастан саҕалаан баран күнүс 12 ч. Эльбрус илиҥҥи чыпчаалыгар тиийбиппит. Эттэххэ эрэ дөбөҥ 1800 м дабайыы диэн. ҮөҺэ ыттан бардахха, дьиҥинэн, сүрдээх ыраах сири бараҕын. 5100 м үрдүккэ салгыммыт бүтэн, тыына сатыыгын да, салгыныҥ тиийбэт курдук, атахтарыҥ утуйан бараллар. 20-лии хардыыны оҥоро-оҥоро, төннөн хаалар санаа кииртэлээбитэ. Ыарахан баҕайы буолбута. Кыыспын тохтоо дии сатаабыппын, тохтооботоҕо .Көмөтө суох бэйэтэ дабайбыта. БүтэҺик 500 м үрдүгү икки аҥар чаас устата таҕыстыбыт. Таҥаспыт ньымса буоллун диэн пуховиктаахпыт. Онно дьиҥинэн сылаас этэ -15 эрэ кыраадыс. БиҺиги дабайарбытыгар халлаан былытыран, тыалыран куҺаҕан баҕайы буолбута. ҮөҺэ тахсыбыппыт — тыал да тыал. Атын дьоннор тоҥоллор быҺыылааҕа, биҺиги Саха сирин дьоно кыҺаллыбатахпыт.Сыалбын ситиҺэн былаахпын Эльбрус чыпчаалыгар таҺаарбыппыттан билигин да астынан олоробун. Саамай астыммытым оҕом тахса сылдьыбытыттан. Киниэхэ олоҕор улахан суолталаах түгэн буоллаҕа.
— Саха дьонугар маннык сылдьарга тугу сүбэлиэҥ этэй? Айаҥҥа эҥин төҺө ороскуоттааҕый?
— Эппитим курдук, уоппускабар үлэбиттэн бырайыаспын туҺанным. Дьокуускайтан Минеральные воды куоракка сөмөлүөт көтөр. Онно сылдьарга ороскуотуҥ кыра. 1 киҺиэхэ20-чэ тыҺ. солк. Кыыспыныын холбоон 30-ча тыҺ. солк. ороскуотурдубут. Холобура, Таилаҥҥа барарга 1 киҺи 50-60 тыҺ. солк. ороскуоттуур эбит буоллаҕына, Кавказка барарга оннук ороскуотурбаккын. Уоппуска харчыта сөп буолар. БиҺиги сыалбытын ситиҺэн Эльбруска тахсаат да, дойдубутугар кэлэ турбуппут. Барыта 14 күн буоллубут, ол иҺигэр хайаҕа тахсарбытыгар 10 күн уонна кэлэ-бара айаммытыгар 4 күн.
— Кавказка баран сынньанар хайдах эбитий?
— Кавказ диэн үчүгэй баҕайы, кыраҺыабай дойду. Барыта сонун — минеральнай уулара сиртэн тахса сытар, сонно иҺэҕин, сонно сөтүөлүүгүн. Ол эрээри мин сынньалаҥым сытар сынньалаҥ буолбатах. Мин кэрийэрбин сөбүлүүбүн. Лицейгэ үөрэнэ сырыттахпына Эмиэрикэҕэ, Англияҕа тылга үөрэттэрэ ыыта сылдьыбыттара, уопут атастаҺыытын бэрээдэгинэн. Онтон Санкт-Петербурга үөрэнэ барбытым. Сылдьыбыт да сирим элбэх, урукку да үлэбэр эрдэхпинэ. Кытайга, Турцияҕа, Черногорияҕа, Хорватияҕа, Сербияҕа, Таилаҥҥа, Арассыыйа үгүс регионнарыгар сылдьыбытым. ХаҺан даҕаны путевка төлөөбөппүн. Ол 50-60 тыҺ. солк. төлүөм кэриэтэ, бэйэм булан чэпчэкитик сылдьыам. Аҕыйах наадалаахпын уктан, үрүссээкпин сүктүм, сөмөлүөккэ билиэт ыллым даҕаны, баран хаалабын. Ол сылдьан хонуга 300-400 солк. хостелларга түҺэбин. Дьон бөҕөнү кытта билсиҺэбин. Былырыын Кавказка бара сылдьан кытай, дьоппуон, Израильтан олохтооҕо табаарыстардаммытым. Мэлдьи куораттан куоракка айанныы сылдьан, туристар курдук үөҺэттэн-үрдүнэн буолбакка, дьиҥнээх олохторун, үлэлэригэр хайдах дьаҺанан-тэринэн олороллорун көрөбүн. Былырыын Грузияны, Арменияны кэрийбитим. Батумиттан саҕалаан оптуобустарынан айаннаан, хостелларга хоно-хоно барбытым. Грузиннар хайдахтарын билиэхпин көрүөхпүн баҕарбытым. БиҺиги кавказтар, хаачыктар диэн уопсай саба быраҕан өйдөбүллээхпит. Грузия бараанын этэ, винота сураҕырар. Аны 2008 с. Грузия Хотугу Осетияҕа сэриинэн киирэн, Арассыыйаны кытта сэриилэҺэн турар. Онон дьиҥнээҕин баран көрдүм, биллим. Олус үчүгэй дойду, нууччаларга сыҺыаннара олус үчүгэй. Отой «быраат»диэн баран илдьэ сылдьаллар. Баай буолбатахтарын да иҺин, бэйэлэрин дьоҺуннук тутталлар, санаалара күүстээх баҕайы. Дэриэбинэлэрэ биҺигиттэн улахан атына суох. Арай сирдэрэ кыра буолан, суола-иистэрэ үчүгэй соҕус. Суолларын-иистэрин оҥоҺуутун, муосталарын эҥин көрдүм. Эрмээннэр эмиэ күлэн-үөрэн үчүгэй баҕайы норуот, итэҕэллэрин тутуҺан, онон салайтаран олороллор эбит, санаалара күүстээх. Кавказтыы ыалдьытымсах буолуу диэн баар дии. Ону хайдаҕын дьэ биллим. Кинилэргэ тиийэн бэйэҕин отой үчүгэйдик сананан сылдьаҕын.Түмүккэ мин дойдум дьонугар этиэм этэ.Сынньалаҥҥытыгар санааҕытын уураҥҥыт сири-дойдуну кэрийэр үчүгэй. Элбэх саҥа көрүүлэр, үчүгэй өйдөбүллэр күүтэллэр, үлэҕэ-хамнаска да туҺалаах буолуон сөп. Булгуччу сыаналаах баҕайы путевкалары ылан диэн буолбатах. Москваҕа диэри күҺүн бырайыас чэпчиир кэмигэр баран, Арассыыйа орто балаҺатын пуойаҺынан, массыынанан кэрийиэххэ сөп. Онно муҥутаан 10 тыҺ. солк.ороскуоттуохха сөп. Мин хайаан даҕаны сыл аайы 14 хонугу булабын. Атын сирдэргэ баран кыратык сэргэхсийэн кэлиэхпин наада. Оскуолаҕа эрдэхпиттэн омук сирдэринэн сылдьыбыт буолан, үгүс дьону кытта билсэн сылдьа үөрэммиппин. Бэйэни сэнэммэккэ, араас омуктардыын кэпсэтэн-ипсэтэн, тэбис-тэҥҥэ сылдьыахха наада. Оҕолору лааҕыргаэҥин онно-манна ыытыахха наада дии саныыбын. Ол кинилэр сайдалларыгар туҺалаах.