1 млрд солкуобайтан ордук харчыны Нерюнгритааҕы ГРЭС уонна Чульманнааҕы ТЭЦ өрөмүөнүгэр ыытыахтара.
«Үлэ кыраапыга эрэгийиэҥҥэ килиимэт уратытын учуоттаан оҥоһулунна. Бастакыннан улахан өрөмүөҥҥэ иккис нүөмэрдээх энергоблок барыа. Үлэ түөрт ый устата салҕаныа», — диэтэ Нерюнгритааҕы ГРЭС кылаабынай инженера Сергей Калининскай.
Үлэ сүрүнэ бэс ыйыгар оттук сезона бүппүтүн кэннэ ыытыллыа.