Нерюнгри оройуонугар сир хамсааһына буолла

Нерюнгри улууһугар Денисовскай оройуон шахтатыгар 3,5 магнитудалаах сир хамсааһына буолла. Эмсэҕэлээбиттэр суохтар, 72 киһи эвакуацияламмыт, диэн Саха сиринээҕи МЧС пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Шахтаҕа сууллуу буолбут. Эвакуацияҕа 14 киһилээх военизированнай хайаҕа быыһыыр  2 бөлөх  үлэлиир. Шахта үлэтэ тохтоото. Бүгүҥҥү күҥҥэ чөлүгэр түһэрэр үлэ былааннанар.

 rbc.ru хаартыската

This post was published on 29.03.2022 12:01 12:01