Экономика үрдүкү оскуолатын чинчийиитинэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 41 %-на кыра дохуоттаахтар. Ыйдааҕы дохуоттара улахан табаар, таҥас-сап, оннооҕор бородуукта атыылаһалларыгар тиийбэт. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин бүгүн Медиакииҥҥэ буолбут Социальнай инновациялар кулууптарын мунньаҕар эттэ.
Бырабыыталыстыба ылыммыт биир улахан соруга — дьадайыыны утары охсуһуу буолар. Бу кыһалҕаны быһаарарга аҥардас бырабыыталыстыба эрэ дьаһаллара көмөлөөх диир тутах, уопсастыба бүттүүн турунуон, араас суоллары көрдүөн наада. Ол иһин, билигин уопсастыбаннай түмсүүлэр социальнай суолталаах бырайыактарыгар улахан болҕомто ууруллар.
Экэниэмикэ министиэристибэтин чинчийиитинэн, көмөҕө ордук биэнсийэлээхтэр буолбакка, эдэр ыаллар (37%) наадыйаллара биллибит. Оттон кыаммат дьон төһө да үлэлииллэрин элбэппиттэрин иһин, 10%-ра эрэ дохуоттарын улаатыннарар кыахтаахтар.
Кинилэргэ хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй? Уопсастыбаҕа социальнай эппиэтинэһи үрдэтиэххэ, кыһалҕалары быһаарарга бүттүүн турунан үлэлиэххэ наада. Мунньах кыттыылаахтара манна социальнай хайысхалаах уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрэ, инновационнай бырайыактара улахан оруоллаахтар диэн түмүккэ кэллилэр. Кэнники кэмҥэ маннык түмсүүлэр үлэлэригэр-хамнастарыгар улахан болҕомто ууруллуоҕа.