Бэс ыйын 9 күнүгэр Ленскэй нэһилиэккэ культура уонна сынньалаҥ пааркатыгар, уһун кыыдаанаах кыһыны этэҥҥэ туораан, самаан сайын кэлбитин уруйдуур-айхаллыыр улуус бэтэрээннэрин ыһыаҕа буолан ааста.
Үрүҥ тунах ыһыахха ох курдук оҥостон, тэринэн Хатыҥ Арыы, Хамаҕатта, 1 Хомустаах, Үөдэй, Бөтүҥ, 2 Хомустаах, Никольскай, Партизан, Ленскэй, Искра, Салбаҥ нэһилиэктэрин, «Коробейники» норуодунай ансаамбыл ытык мааны кырдьаҕастара кэлэн үөрэн-көтөн кыттыыны ыллылар. Бу күн норуоттар икки ардыларыгар Доҕордоһуу күнэ буолан, ыһыах уратытык, сонуннук ааста. Нэһилиэктэринэн араас дойду омуктарын олохторун-дьаһахтарын, астарын-үөллэрин, култуураларын көрдөрөр түһүлгэлэри тэриннилэр. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар норуоттарын тиэмэлэринэн аска-үөлгэ, таҥаска-сапка, түһүлгэни киэргэтиигэ, үҥкүүгэ куонкурустары ыытаннар хас биирдии нэһилиэктэр наҕараадаларга тигистилэр.
Бэтэрээннэр ыһыахтарыгар «Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов, Дьокуускайтан «Победа» ГБУ салайааччыта Галина Лебедева, сүрүннүүр специалиһа Ирина Соловьева уонна «Память» кинигэ кыһатын эппиэтинэстээх үлэһитэ Дарья Андреева ыалдьыттаатылар, бэтэрээннэри самаан сайын кэлбитинэн эҕэрдэлээтилэр. «Нам улууһа» МТ бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр София Кобяковаҕа Россиятааҕы «Сэрии» общественнай фонда аатыттан Бочуотунай грамота туттардылар.
София Кобякова, «Нам улууһа» МТ бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ: «Быйыл ыһыахпытын уратытык ыыттыбыт. Мунньахтаан баран нэһилиэктэринэн араас омуктар буолалларын ирдээбиппит. Нэһилиэктэр бары олус диэн бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ киһи сүргэтин көтөҕөр. Ол эрэн, сорох суоллаах-иистээх нэһилиэктэр кэлбэтэхтэриттэн хомойобут. 2 Хомустаахтары хайҕаан ааһыахпын баҕарабын, төһө да өрүс нүҥүө олордоллор түмсэннэр көхтөөх кыттыыны ыллылар», — диэн санаатын үллэһиннэ.