Үлэ кэлэктииптэрин сомоҕолуур сыаллаах Саҥа арыы сиригэр муус аннынан балыктааһыҥҥа күрэх ыытылынна. Тэрээһини Нам улууһун государственнай тэрилтэлэр уонна общественнай көрүү-истии үлэһиттэрин идэлээх сойууһа иилээн-саҕалаан тэрийдэ.
Төһө да үс хамаанда кииристэр, бэрт тыҥааһыннаах, интэриэһинэй түһүмэхтэрдээх күрэх буолан биэрдэ. Бастаан муус аннынан балыктааһыҥҥа 2,5 чаас бэрилиннэ. Манна хамаандаҕа 2 кыыс, 2 уол кииристилэр. Түмүгэр, 1 м. – улуус дьаһалтатын «Язь» хамаандата, 2 м. – Партизан нэһилиэгин дьаһалтатын «Красные партизаны» хамаандата, 3 м. – улуус депутаттарын Сэбиэтин председателэ уонна хонтуруоллуур-суоттуур палата «Клевые ребята» хамаандалара ыллылар. Ону сэргэ, «Саамай улахан балык» номинацияны улуус дьаһалтатын экономическай сайдыытын управлениетын кылаабынай специалиһа Игнатий Свинобоев уонна «Саамай бастакы балык» номинацияны улуус депутаттарын Сэбиэтин председателэ Алексей Винокуров ылла.
Балыктааһын кэнниттэн кутааҕа сырылаччы буспут миини, оргуйбут чэйи иһэн, күүс-уох эбинэн күн иккис аҥарыгар салгыы киирсиилэр ыытылыннылар. Ол курдук, уолаттарга буурунан ойбон тэһии, кыргыттарга бинтиэпкэнэ сыалы ытыы, уопсай хамаанданан «Городки» уонна канат тардыһыыта буоллулар.
Бары кыайыылаахтар мэтээлинэн, грамотанан, уу харчынан наҕараадаланнылар. Тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга махталбытын тиэрдэбит. Инникитин сайыҥҥы балыктааһыҥҥа эмиэ киирсиэхпит диэн үөрэн-көтөн тарҕастыбыт, суруйда Анна Созонова, «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата.