Сарсын, муус устар 8 күнүгэр, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатырыгар, киэһэ 17 ч саха култууратын биллэр-көстөр диэйэтэлэ, Саха АССР норуодунай артыыһа Христофор Максимов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ буолуоҕа.
Бу киэһэ биллиилээх мелодист муусукаларын С.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын национальнай инструменнарын оркестыра толоруоҕа. Христофор Максимов фондата драматическай оруолларын уонна мусукаан дьиэ кэргэнин кэпсиир хаартыска быыстапкатын туруоруоҕа. Ону сэргэ, ыалдьыттарга Христофор Максимов кыттыылаах “Утро долгого дня” диэн киинэ көрдөрүллүө. Самодеятельнай композитор үлэтин-хамнаһын туһунан биир санаалаахтара, кэллиэгэлэрэ кэпсиэхтэрэ. Кэнсиэргэ Александр Дьячковскай-Саарын, Павел Семенов, Андрей Тарабукин, Варя Аманатова, кырачаан Чаҕыл Николаев, Үҥкүү национальнай тыйаатыра, Христофор Максимов биир дойдулаахтара о.д.а. кыттыыны ылыахтара.
Киириитэ босхо.
Ыспыраапка: Христофор Трофимович Максимов муус устар 8 күнүгэр 1917 сыллаахха Амма оройуонун Сулҕаччы нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
1924 сыллаахха Сулҕаччы алын сүһүөх оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Үп-ас кырыымчык буолан, баара-суоҕа биир эрэ сыл үөрэммитэ. Ол да буоллар, тохтуу-тохтуу үөрэнэн, 1936 сыллаахха Абаҕа оскуолатыгар алтыс кылааһы бүтэрбитэ.
1937 сыллаахха самодеятельнай куруһуоктарга художественнай салайааччылары бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи кууруһу ааспыта. Итинтэн ыла айар үлэтэ Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Үөһээ Бүлүү култууратын дьиэлэригэр, тыйаатырдарыгар, П.А.Ойуунускай аатынан Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай музыкальнай-драматическай тыйаатырга анаммыта. Кини аан дойду, нуучча классикатынан, саха драмаларынан туруоруллубут испэктээктэргэ чаҕылхайдык ооннььообутун дьон-сэргэ умнубат.
1937-1970 сылларга ырыаһыт быһыытынан сыанаҕа тахсарын сэргэ, араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ тиийэ ыллыыра. Уопсайа 300-тэн тахса айар кэнсиэри биэрбитэ.
Христофор Максимов — киэҥник биллэр самодеятельнай композитор, 400-чэкэ ырыаҕа бэртээхэй матыыбы суруйбута.
1968 сыллаахха Ригатааҕы киинэ устуудьуйата устубут “Утро долгого дня” киинэҕэ Додор оруолун толорбута. Бу оруолга Дмитрий Ходулов уонна Христофор Максимов боруобаланан көрбүттэрэ. Киинэ режиссера А.Неретниеце Христофор Максимовы талбыта. Бу оруолун кини олус ылыннарыылаахтык оонньообута. Додор күүстээх дьон иннигэр ньыла көтөр, ол оннугар батараактарга, дьиэлээхтэригэр сыһыана тута уларыйар. Манна кини хаҕыс майгылаах, суостаах сыһыаннаах, бэйэтин үрдүктүк туттар. Артыыс оруолу толору арыйбыта.
Христофор Максимов 1980 сыллаахха кулун тутар 23 күнүгэр өлбүтэ.