1901 сыллаахха Иркутскайтан Өлүөхүмэҕэ телеграф механиктара уонна чунуобунньуктар аттаммыттар, сыаллара-соруктара: Дьокуускайга диэри телеграф линиятын тардыы.
1993 сыллаахха Арассыыйаҕа референдум буолбут. Олохтоохтор улахан аҥаардара бэрэсидьиэн Б. Ельцин бэлиитикэтин өйөөбүт (58,7 %), ол эрээри кини Үрдүкү Сэбиэти ыһар этиитин утарбыт.
Бу күн XIV Паралимпийскай оонньууларга үрүҥ көмүс призер (пауэрлифтинг) Владимир Балынец төрөөбүт.
- ХНТ Бүгүн (ВОЗ) — Кумахыны утары охсуһуу күнэ (малярия)
- ДНК күнэ
- Чувааш тылын күнэ — Чувааш Өрөспүүбүлүкэтигэр 1992 сыллаахтан уһулуччулаах сырдатааччы, чувааш азбукатын оҥорооччу Иван Яковлев төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр буолбут
- Австралия, Саҥа Зеландия, Науру, Соломон Арыылара, Тонга, Арҕаа Самоа — АНЗАК күнэ. Бу күн 1915 сыллаахха Антанта сэриилэрэ Туурсуйа кытылыгар түспүттэр, ол эрээри кыайтарбыттар. Бастаан бу күн Бастакы Аан дойду сэриитигэр өлбүт саллааттары саныыр кутурҕан күнүн быһыытынан бэлиэтэнэрэ, кэлин Иккис Аан дойду сэриитэ бүппүтүн кэннэ бары сэриилэргэ өлбүт дьону ахтан ааһар күҥҥэ кубулуйбут
- Германия — Мас олордуутун күнэ
- Эгиипэт — Синаай тумул арыытын босхолонуутун күнэ
- Италия
- Фашизмтан босхолонуу күнэ.
- Марк евангелист күнэ
- Казахстан — Казахстан футболун күнэ[2]
- Хотугу Кэриэйэ — Аармыйа күнэ
- Португалия — Өрөбөлүүссүйэ күнэ, Босхолонуу күнэ[3].
- Суазилэнд — Дойду былааҕын күнэ[4]
Түбэлтэлэр:
- 1547 сыллаахха Москубаҕа улахан уот туран куорат барыта умайбыт.
- 1898 — Саха сирин күбүрүнээтэрэ В. Н. Скрипицын ис дьыала миниистиригэр Дьокуускайдааҕы реальнай училищены толору сэттэ сыллаах училищеҕа кубулутар туһунан хадатаайыстыба суруйбут. Бу иннинэ алта кылааһы бүтэрбит оҕолор сэттис кылаастарын Томскай куоракка баран бүтэриэхтээхтэрэ. Онто суох үрдүк үөрэххэ киирэр кыахтара суоҕа.
- 1901 — сыллаахха Иркутскайтан Өлүөхүмэҕэ телеграф механиктара уонна чунуобунньуктар аттаммыттар, сыаллара-соруктара: Дьокуускайга диэри телеграф линиятын тардыы.
- 1905 — Лондоҥҥа РСДРП III сийиэһэ аһыллыбыт.
- 1907 — сахалар култуураларын сөргүтүү туһунан дакылааты Петрограакка национальнай территориальнай учууталлар сойуустарын тэрийэр (учредительнай) сийиэскэ Виктор Николаев аахпыт. Кини Байыаннай медицинскэй академия устудьуона эбит. Бу дакылаат кэлин 1916 с. «Якутские вопросы» хаһыакка бэчээттэммитэ.
- 1917 — (ыам ыйын 8 күнүгэр дуу саҥа истиилинэн?) Ас-үөл кэмитиэтин бастакы мунньаҕа буолбут. Бэрэстээтэлинэн меньшевик В. Д. Виленскэй, солбуйааччытынан эсер В. Н. Соловьев талыллыбыттар.
- 1945 сыллаахха Эльба өрүскэ сэбиэскэй уонна АХШ аармыйалара үөрүүлээх көрсүүлэрэ буолбут.
- 1993 — Арассыыйаҕа референдум буолбут. Олохтоохтор улахан аҥаардара бэрэсидьиэн Б. Ельцин бэлиитикэтин өйөөбүт (58,7 %), ол эрээри кини Үрдүкү Сэбиэти ыһар этиитин утарбыт.
- 2006 — СӨ Төрүт сокуонугар бэрэсидьиэн туһунан ыстатыйаларга кэккэ уларытыылар киллэриллибиттэр.
Төрөөбүттэр:
- 1599 — Оливер Кромвель (Oliver Cromwell), Англия, Шотландия уонна Ирландия Лорд протектора (өлб.с. 1658).
- 1903 — XX үйэ биир бөдөҥ математига, 60-с сс. Сэбиэскэй Сойууска математиканы үөрэтиини реформалаабыт киһи, оскуола учуобунньуктарын ааптара Колмогоров А. Н..
- 1922 — Уус-Алдан Өнөрүгэр Кэриэйэҕэ 1950-53 сс. буолбут сэрии кыттыылааҕа Николай Иванов. Аатырбыт лүөччүк, маршал Кожедуб штаабыгар сибээс отделениетын хамандыырынан сулууспалаабыт.
- 1933 сыллаахха Кэбээйи Тыайатыгар скульптор Петр Захаров. Кини биллэр үлэлэлэрэ: Дьокуускайга Ойуунускай мэҥэтэ, Бүлүүгэ Н.Чернышевскай бүүһэ, Намҥа — М.Аммосов бүүһэ.
- 1951 — Чурапчы Хоптоҕо нэһилиэгэр Куприян Михайлов — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа.
- 1985 — Владимир Балынец — XIV Паралимпийскай оонньууларга үрүҥ көмүс призер (пауэрлифтинг).
Өлбүттэр:
- 1928 — Брюссельгэ «Хара барон» Врангель П. Н. сэлликтэн өлбүт.