1937 сыллаахха Нам, Горнай уонна Бүлүү оройуоннар уһук сельсоветтарыттан туспа Кэбээйи оройуона тэриллибитэ. Киинэ Кэбээйи сэлиэнньэҕэ.
1994 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар кэккэ уларытыылар киирбиттэр.
Уус-Алдан Байаҕантай нэһилиэгин олохтооҕо Михаил Готовцев Арассыыйа Үлэҕэ дьоруойун аатын ылбыт.
- ХНТ — ХНТ-га кытай тылын күнэ
- Арассыыйа — Донор күнэ.
- Сьерра Леоне — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1880 с. Далыр нэһилиэгин таҥаратын дьиэтин Дьокуускай уонна Бүлүү эпиискэбэ Дионисий тиийэн сибэтии гыммыт.
- 1920 — Сибревком уурааҕынан Саха уобалаһа ыһыллыбыт, ол оннугар Иркутскай губерния оройуона тэриллибит. Бу уурааҕы Максим Аммосов утаран Сибревкомҥа уонна билэр киһитигэр Емельян Ярославскайга суруктары, телеграммалары ыыталаабыт, Саха сирэ туспа уобалас буолуохтааҕын эппит, тоҕо диэтэр «эрэбиллээх сибээс суоҕар уобалаһы Иркутскайтан салайар букатын сатаммат… Дойду олоҕо тохтуо, 300 биэрэстэ ыраахтан 3 мөлүйүөн квадратнай биэрэстэ иэннээх сири туспа усулуобуйатын билбэккэ эрэ салайар кыаллыбат. Уобалас 95% саха нэһилиэнньэлээх, кинилэр олохторо-дьаһахтара олус элбэх уратылардаах. Бу курдук уруккуттан баар быраап быһыллыытын саха дьоно ыараханык ылыныахтара, омук быһыытынан дьоһуннарын Сэбиэскэй былаас атаҕастыырын курдук саныахтара. Олохтоох дьон абааһы көрбүт, кинилэр интэриэстэрин ахсарбат ыраахтааҕы кэминээҕи киин сиртэн салайыы туһунан өйдөбүл саҥатынан сылдьар.» Саха сирэ уонна Иркутскай губерния сыһыаннарын дьүүллэһэр хамыыһыйа тэриллэр, сэкиритээринэн кэлин саҥа былааһы утаран ВЯОНУ бэрэстээтэлэ буолбут Георгий Ефимов үлэлиир. Сотору кэминэн атырдьах ыйын 21 күнүгэр Сибревком уурааҕынан Саха уобалаһа сөргүтүллүбүт.
- 1937 — Нам, Горнай уонна Бүлүү оройуоннар уһук сельсоветтарыттан туспа Кэбээйи оройуона тэриллибитэ. Киинэ Кэбээйи сэлиэнньэҕэ.
- 1962 — чинчийээччи Клиорина И.Л. «Кыым» хаһыакка аатырбыт Мытыйыкы уус туһунан «Л.Н. Толстой мэтириэтин көрдөөһүн» диэн ыстатыйатын бэчээттэппит.
- 1971 — Саха Сиринээҕи геология управлениетын (ЯТГУ) начаалынньыга Иван Ворона (төр. 07.11.1930) Социалистыы Үлэ Дьоруойа ааты ылбыт. Бу кэнниттэн сотору кэминэн ССРС геологияҕа министиэристибэтин миниистири солбуйааччынан анаммыта.
- 1994 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар кэккэ уларытыылар киирбиттэр: Үрдүкү Сэбиэт оннугар Ил Түмэн, министирдэр кабинеттара уонна премьер-министр оннугар «Бырабыыталыстыба», «Бырабыыталыстыба бэрэстээтэлэ»,»куорат уонна оройуон сууттара» диэн оннугар «улуус (куорат) сууттара» буолбуттара, олохтоох салайыныы сорох боломуочуйата чопчуламмыта. Ол саҕана Ил Түмэн икки балааталаах этэ: Өрөспүүбүлүкэ балаатата уонна Бэрэстэбиитэллэр балааталара. Бастакыны Е. Ларионов салайара, иккиһи — А. Илларионов.
- 2014 — уруккута сопхуос ыанньыксыта (үрдүк көрдөрүүтүн иһин Албан аат уордьанын толору кавалера буолбута), ол саҕана «Удьуор» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Байаҕантай нэһилиэгин олохтооҕо Михаил Готовцев Арассыыйа Үлэҕэ дьоруойун аатын ылбыт.
- 2017 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ Кэбээйи улуһуттун төрүттээх Саха тыйаатырын артыыһыгар Анатолий Николаевка анаммыт.
Төрөөбүттэр:
- 1917 — Ньурба I Бордоҥор Василий Павлов I — минометчик, батарея хамандыыра, лейтенант, мэтэдиис учуутал, оскуола дириэктэрэ, Ньурба оройуонун Бочуотун кинигэтигэр киирбит киһи.
- 1950 — Анатолий Ултургашев — балет артыыһа.
Өлбүттэр:
- 1945 — Вацлав Серошевскай (1858—1945) — поляк, этнограф, суруйааччы, публицист.
- 1957 — Егор Алексеев (1883 с.т.) — II Тыллымы нэһилиэгиттэн төрүттээх аатырбыт саха муосчута, ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ (уола үтүөлээх учуутал, сиэнэ аатырбыт сэбиэскэй этномузыковед)
- 1988 — Иннокентий Васильев (Соччо) Ньурба оройуонун Бочуотун кинигэтигэр киирбит киһи, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, бэтэринээр.