29 Муус устар 29.04
  • -1°
  • $ 91,78
  • 98,03

Муус суол Алдан эбэнэн Чагда — Томмот хайысханан арылынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тохсунньу 12 күнүттэн Алдан эбэнэн Чагда — Томмот хайысханан муус суола арылынна. 15 туоннаҕа диэри техника айанныырыгар көҥүл буолла.

Ол туһунан ЫБММ регионнааҕы салаата иһитиннэрдэ.

Маны сэргэ бүтэһик сууккаҕа 10 муус суолугар ыйааһын уйуга эбилиннэ: Хаҥалас оройуона, Тиит-Арыы — Чкалов, Өлүөнэ эбэ, 20 туоннаҕа диэри; Сунтаар оройуона, Илимниир — Хадан, Бүлүү өрүс, 30 туоннаҕа диэри; Сунтаар оройуона, Сунтаар — Туойдаах, Бүлүү эбэ, 30 туоннаҕа диэри; Өлүөхүмэ оройуона, Өлүөхүмэ куората — Заречнай, Өлүөнэ эбэ, 30 туоннаҕа диэри; Хаҥалас оройуона, Мохсоҕоллоох — Хачыкаат, Өлүөнэ эбэ, 30 туоннаҕа диэри; Хаҥалас оройуона, Покровскай — Тиит-Эбэ, Өлүөнэ эбэ, 30 туоннаҕа диэри; Үөһээ Бүлүү оройуона, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэ — Хоро, Бүлүү өрүс, 40 туоннаҕа диэри; Ньурба оройуона, Ньурба — Күндээдэ, Бүлүү эбэ, 40 туоннаҕа диэри; Сунтаар оройуона, Устье — Сунтаар, Бүлүү өрүс, 40 туоннаҕа диэри; Сунтаар оройуона, Кириэстээх — Мииринэй, Бүлүү өрүс, 40 туоннаҕа диэри.

Саха сиригэр бу күҥҥэ 44 муус суол үлэлиир, уйуга 5-тэн 50 туоннаҕа диэри.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА