Вице-премьер Георгий Степанов салайааччылаах бырабыыталыстыба отчуотун бөлөҕө Муома улууһугар үлэлиир. Кинилэр Хонуу, Сааһыыр, Чумпу Кытыл, Буор Сыһыы, Кулун Өлбүт, Соболоох олохтоохторун кытта көрүстүлэр.
Улахан Чыыстай национальнай нэһилиэгин Сааһыыр сэлиэнньэтигэр саҥа быраас амбулаторията отчуот кэмигэр арылынна. Манна быйыл саҥа хочуолунай тутуллар.
Олохтоохтор 80 миэстэлээх дьыссаат тутуутун, доруобуйа харыстабылын, үөрэҕирии эйгэтин каадырынан хааччыйыыны этиннилэр.
Быраас амбулаторията Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулунна. Бүтэһик биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 80-тан тахса медицина амбулаторията уонна фельдшер-акушер пууна тутулунна.