Өрөспүүбүлүкэ Күнүгэр Муома оройуонун нэһилиэктэригэр киэҥ далааһыннаах, улахан суолталаах тэрээһин буолан ааста. Ол курдук олохтоохтор бары мустан Саха Республикатын Өрөгөй ырыатын ыллаан дьиэрэттилэр.
Хонуу бөһүөлэгин «Осикат» этно-культурнай киинигэр элбэх киһи ― оскуола үөрэнээччилэрэ, улахан дьон тэрилтэлэринэн муһуннулар. Искусство оскуолатын преподавателэ Ганна Черова салайыытынан «Осикат» кииҥҥэ кэлбит дьон илиилэрин түөстэригэр тутан, туран эрэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөй ырыатын ыллаатылар.
Оройуон баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Христина Кривошапкина олохтоохтору бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ, кэлэн кыттыыны ылбыт тэрилтэлэргэ махтанна уонна: «Саха сирин гимнин бары кэлэн, түмсэн ыллаабыккыт дьоһуннаахтык иһилиннэ», ― диэтэ. Ол кэнниттэн тылы «Саха» НКИК радиоҕа үлэһитэ Ньургуйаана Батуева ылла, кини Муома олохтоохторо сомоҕолоһон республика өрөгөй ырыатын ыллаабыттарынан эҕэрдэлээтэ уонна Иван Гоголев-Кындыл «Аал Луук мас» поэматыттан быһа тардыыны ааҕан иһитиннэрдэ.
Өрөгөй ырыатын хуорунан ыллааһыҥҥа кыттыыны ыллылар: бэтэрээннэр оройуоннааҕы сэбиэттэрин, Муома оройуонун дьаһалтатын, Муома национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын, ЫБМ оройуоннааҕы сулууспатын, киин балыыһа, кииннэммит бухгалтерия, социальнай харалта управлениетын, дьиэ кэргэн уонна оҕо көмүскэлин киинин, киин библиотека, оройуон урбаанньыттарын фондатын, полиция, оҕо спортивнай оскуолатын, оҕо айар дьиэтин, оскуолалар, оҕо уһуйааннарын, о.д.а тэрилтэлэр коллективтара. Гимни ыллааһын кэнниттэн искусство оскуолатын үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин, итиннэ дьарыктанар улахан дьон ансамблларын толорууларыгар улахан кэнсиэр буолла.
Бу оройуоҥҥа аан бастаан ыытыллыбыт патриотическай ис хоһоонноох бырайыак автора ― искусство оскуолатын директора, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Федорова, киниэхэ музыкант Александр Скоробогач көмөлөстө. Ону таһынан тэрилтэлэринэн сылдьан хуору бэлэмнээһиҥҥэ, кэнсиэри туруорууга оскуола преподавателлэрэ Михаил Павлов, Ганна Черова, Александр Кравцов үлэлээтилэр. Бырайыагы тэрийээччилэр улахан көмөлөөх «Осикат» этно-культурнай киин директорыгар Борис Заровняевка уонна культура үлэһитэ Виталий Старковка барҕа махталларын тириэртилэр. Бу бырайыгы тэрийии быйыл тохсунньу ыйтан саҕаламмыт, тэрилтэ салайааччыларын кытта эрдэттэн дуогабар түһэрсиллибит.
Ити күн Арчы дьиэтигэр «Сахам сирин билэбин» диэн викторина буолла. Викторинаны педагогическай үлэ, СР бочуоттаах ветерана Е.И. Слепцова тэрийэн, иилээн-саҕалаан ыытта. 50 ыйытыыга көхтөөхтүк кыттан, музей директора Сергей Соркомов ― бастакы, үлэ ветерана Мария Скороходкина ― иккис, Арчы директора Ирина Слепцова үһүс миэстэ буоллулар. 10 кыттааччы биһирэмнээх бириискэ тиксэн үөрдүлэр. Викторина кыттааччыларын Сахаларын сиринэн киэн туттуу кууста.
Эһиил Аҕа дойду көмүскээччитин күнүгэр ― олунньу 23 күнүгэр Российскай Федерация гимнин ыллыырга үлэ билиҥҥиттэн барар. Онно өссө көхтөөхтүк кыттан оройуон сомоҕолоох, түмсүүлээх буоларын дакаастыаҕыҥ.