Соторутааҕыта Арыылаах култууратын дьиэтигэр Мииринэй оройуонун 27-с «Сааскы фантазия» бэстибээлэ буолан ааста.
Манна Айхалтан, Удачнайтан, Арыылаахтан, Сүлдьүкээртэн, Таас-Үрэхтэн, Чернышевскайтан, Светлэйтэн, Мииринэйтэн 400 киһи кыттыыны ылан, эгэлгэ ырыалар, үҥкүүлэр, ансаамбыллар, дуэттар — уопсайа 90 нүөмэр толорулунна.
Гала кэнсиэргэ 24 нүөмэри талан ыллылар. Олор истэригэр Таас- Үрэхтэн «Ботуобуйа долгуннара” ансаамбыл эбэҥкилии ырыатынан, Фаина Герасимова «Чороон»диэн ырыатынан кытыннылар. “Ырыа — үҥкүү кэрэ бырааһынньыгар сылдьан, дьиэбитигэр, элбэх эрчими иҥэринэн, тарҕастыбыт”, — дэһэллэр айар куттаах дьон.
Валентина Васильева, «Эйгэ» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта.