2020 сылга Мииринэйгэ аэропорт тутуута саҕаланыаҕа. Ол туһунан премьер-миниистир Владимир Солодов социальнай ситимҥэ аһаҕас эфир кэмигэр эттэ.
«Боппуруостар быһаарылыннылар. Федеральнай киинтэн үбүлээһин көрүлүннэ. Бырайыак бигэргэммитэ», — диэтэ Владимир Солодов.
Тутуллуохтаах сирэ эмиэ чуолкайданна. Билигин «АЛРОСА»-лар онно эбийиэк миэстэтин бэлэмнииллэр.
Мииринэй саҥа аэропорда билигин баар көтөр балаһа хотугулуу-илин өттүнэн түһүүлэниэҕэ. Сылга 340 тыһыынча киһи айанныырыгар аналлаах. Чааска 300 пассажиры аһарар кыахтаах. Сууккаҕа 40 туонна курууһу терминал көрөр.