«Полярнай авиалиниялар» хампаанньа Ми-8 бөртөлүөтүгэр Владимир Членов аата иҥэрилиннэ. Үөрүүлээх тэрээһин Маҕан аэропордугар буолла.
Судаарыстыбаннай диэйэтэл Владимир Членов хоту дойдуну кытары ыкса ситимнээх. Аартыкаҕа авиация, тимир суол, тырааныспар сайдыытыгар улахан өҥөлөөх. Кини бастакынан хоту дойду олохтоохторо кэбэҕэстик айанныылларыгар субсидиялары туруорсубута.
«Полярнай авиалиниялар» МИ-8 МТВ бөртөлүөттэрэ санавиацияҕа туһаныллар. Өрөспүүбүлүкэ саамай ыраах муннуктарыгар тиийэр.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт Владимир Членов кэргэнэ Ирина Членова кэргэнэ авиацияҕа ураты сыһыаннааҕын, сөмөлүөт, бөртөлүөт паарката саҥардылла, үксүү турарыгар үгүс сыратын уурбутун кэпсээтэ. «Полярные авиалинии» кини үлэлиирин саҕана тэриллибитэ. Бүгүҥҥү тэрээһин биһиги дьиэ кэргэҥҥэ улахан суолталаах. Бөртөлүөт дьоҥҥо көмөлөһөрө Владимиры майгынныыр, кини өрүү дьоҥҥо көмөлөһөр ухханыгар сылдьааччы», — диэтэ кини.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Владимир Членов үтүө аатын үйэтитэр судаарыстыбаннай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ буолан туран, инникитин өссө да кэккэ үлэлэр былаан быһыытынан олоххо киирэн иһиэхтэрин эттэ.