22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ Ураһалааҕар - тимир көлөлөөх кэрэ аҥардар

18:27, 04 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу ааспыт өрөбүллэргэ Мэҥэ-Хаҥалас Майатын, Ураһалаах алааһыгар республика тимир көлөлөөх кэрэ аҥардара, номнуо үгэскэ кубулуйбут, быйыл бэһис төгүлүн “Автоледи-2016” ыһыахха муһуннулар.


Быйыл бэһис сылын ыытыллар ыһыахха уопсайа 10 улуустан 12 хамаанда кыттыыны ылла. Ол курдук, мэҥэлэр икки, Намнар икки хамаанданы туруордулар, Горнай, Таатта, Уус-Алдан, Сунтаар, Амма, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан, Дьокуускай куораттан сэллиги утары охсуһар балыыһа далбар хотуттара үс күннээх ыһыахха тэринэн кэлэн, дойдуларын чиэһин көмүскээтилэр.
Быйылгы ыһыах “Дьахталлар суолга быһылаан тахсыытын утары” диэн акциянан, 80-ча массыынанан Ураһалаахтан Майа киин уулуссатынан параадтаан аастылар. Дойдуларын, автокулууптарын аатын иилиммит, киэргэммит массыыналар субуруһан ааһалларын, нэһилиэк олохтоохторо уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.


Ыһыах алгыс сиэринэн-туомунан ситэриллэн, үөрүүлээхтик аһылынна. Ол кэннэ, улуус дьахталларын түмсүүлэрин семинара ыытылынна. Семинарга СР Ыччат уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар министри бастакы солбуйааччы В.П.Лукина, Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил” оҕо издательствотын директора, СР Дьахталларын хамсааһынын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ А.Е.Андреева, СР Дьахталларын хамсааһынын Сойууһун бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ, СР профсоюзтарын Федерациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы В.И.Кириллина, “Инсайт” психологическай киинтэн Н.Ю. Васильева, Гражданскай общество министерствотын управлениетын салайааччыта С.Б.Алексеева, “Мэҥэ-автоледи” түмсүүнү өр сылларга салайан кэлбит, “Майа сэлиэнньэтэ” муниципальнай тэриллии депутааттарын салайааччыта А.П.Федорова кыттыыны ыллылар. Олоххо дьахтар оруолун, аналын, тула киэҥ кэпсэтии таҕыста, санаа атастаһыыта буолла.


Эбиэт кэннэ, кэтэһиилээх “Айан Хотун “ күөн күрэс үгүс көрөөччүнү түмтэ. Уопсайа 12 тимир көлө аргыстаах, саха далбар хотуттара 4 түһүмэххэ кытыннылар, талааннарын, дьоҕурдарын арыйдылар. Кыттааччылар бииртэн биир уран тарбахтаах, айар дьоҕурдаах, минньигэс астаах, бастыҥ хаһаайка буолалларын итэҕэттилэр, сөхтөрдүлэр. Суолларын доҕорунан буолбут массыыналарын киэргэтэн, симээн киллэрэн билиһиннэрбит түһүмэхтэрэ көрөөччү болҕомтотун ордук тарта. Күрэх түмүгүнэн, барыларыттан уопуттааҕынан, талааннаах тарбахтааҕынан “Мэҥэ автоледи “ кулуубу төрүттээбит, 4 оҕолоох, 2 сиэннээх Мария Шипошина тахсан кыайыы өрөгөйүн билэн, телевизор сертификатын тутта. Иккис миэстэҕэ, Чурапчы Мындаҕаайытыттан акушер-гинеколог идэлээх Римма Игнатьева тахсан, оҕо миэбэлин сертификатын ылла. Үһүс бириистээх миэстэҕэ, Сунтаартан алта парому туораан, 2,5 суукка айаннаан кэлбит, Мария Кобельянова тахсан, спортивнай инвентарьга сертификаты ылла.
Салгыы автокулууп презентацията буолла. Бары араас саастаах, идэлээх, араас суоппар ыстаастаах далбар хотуттар кулууптарын олоҕуттан быһа тардан, бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Түмүккэ, Аэлита Андреева салайааччылаах Горнай кыргыттара бастаатылар, Анна Пинигина салайааччылаах Чурапчы далбар хотуттара иккис, И Сара салайар Сунтаар кыргыттара үһүс бириистээх миэстэҕэ таҕыстылар.
Бастыҥ мааны түһүлгэлээх, Хаҥалас, Чурапчы, Нам суоппардара ааттаннылар. Суперавтокулууп суоппар профессиональнай дьоҕурун көрдөрөр хамаанданан күрэххэ, олохтоохтор хамаандалара бастакы, иккис Нам улууһун 2-с хамаандата, үһүс миэстэҕэ ытык Таатта кыргыттара тахсан, үөрүү өрөгөйүн биллилэр.
Саха дьахталлара дьиэтээҕи түбүктэрин быһааран, олох ирдэбилэ буолбут тимир көлөнү толору баһылаабыттарын итэҕэтэ көрдөрдүлэр. “Автоледи” ыһыаҕын аан бастаан саҕалаабыт Хаҥалас суоппар дьахталлара, сыл аайы тэрээһин үрдээн, таһыма кэҥээн, кыттааччы ахсаана элбээн иһэриттэн, төрөппүккэ оҕото этэҥҥэ улаатан иһэринии үөрэллэрин эттилэр.
Быйылгы “Автоледи” республикатааҕы ыһыах кыттааччылара, тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааспытыгар, тэрийээччилэргэ Саха Республикатын Дьахталларын хамсааһынын Сойууһун бэрэссэдээтэлигэр Анжелика Андрееваҕа, бастакы ыһыахтан саҕалаан тэрийсэ сылдьар “Кэскил” оҕо издательствотын отделын начальнигар Анна Пермяковаҕа, СР Ыччат уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар министерствотыгар, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун дьаһалтатыгар, “Мэҥэ-леди” дьахталлар түмсүүлэригэр улахан махталларын биллэрдилэр. Эһиил суоппар дьахталлар ыһыахтара, тоҕус томтордоох, хатыҥнардаах-чараҥнардаах Чурапчы сиригэр ыытыллара былааннанан, “Автоледи” республикатааҕы ыһыах былааҕын Чурапчы делегацията тутта.
Спонсордарга, СР Ыччат уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар министиэристибэҕэ (миниистир А.С.Владимировка), СР транспорка министиэристибэтигэр (миниистир С.В.Винокуровка), «Көмуүлүөк саха иһитин онорор компанияҕа (директор О.Г. Григорьеваҕа) махтал тылларын тиэртилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА