22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ «Хоту» кэпэрэтиибэ үүт-эт ас арааһын астыыр

16:29, 16 февраля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мэҥэ Хаҥаласка үүтү, эти соҕотуопкалыыр биир сүрүн тэрилтэнэн «Хоту» кэпэрэтиип буолар. “Хотулар” бэйэлэрэ астаан, оҥорон таһаарар сибиэһэй бородууксуйаларынан улуус уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун хааччыйаллар. Бу туһунан edersaas.ru ааҕыҥ.


Хоту эҥээр аҕыс нэһилиэгиттэн үүтү тутан миэстэтигэр астыыр-үөллүүр «Хоту» кэпэрэтиип үлэлээбитэ быйыл 19-с сылыгар барда.

Бу кэм устата кэпэрэтиип атаҕар бигэтик турда. Биэс уон үлэһиттээх дьоҕус кэлэктиип инникитин производствотын кэҥэтэр былааннаах. 2016 сыллаахха «хотулар» өссө биир эбийиэги — буойуна сыаҕын аспыттара. Ааспыт сылга 40 туонна ынах уонна убаһа этин тутан астаабыт буоллахтарына, быйыл 75 туонна эти тутар соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Собуокка үлэһиттэр симиэнэнэн солбуһа сылдьан күннэтэ 3-түү туонна үүтү астаан үрүҥ ас арааһын оҥороллор. Санитарнай, эпидемиологическай сулууспа «Хоту» кэпэрэтииби кытары сөбүлэһии түһэрсэн, производственнай хонтуруолу ыытар. “Хотулар” астаабыт үрүҥ астара уонна эттэн полуфабрикаттара тута Төҥүлүгэ кэпэрэтиип фирменнэй маҕаһыыныгар атыыга тахсар, олохтоохтор сибиэһэй аһы-үөлү күннэтэ хамаҕатык атыылаһаллар.

Быйылгы 2017 сыл улууска Олохтоох оҥорон таһаарыы сылынан биллэрилиннэ,  бу салааҕа үлэлээччилэргэ болҕомто күүһүрүөҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА