22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ Хаҥаласка булчут билэр киһитин улаханнык эчэттэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мэҥэ Хаҥалас оройуонун прокуратурата олохтооҕу буруйдуур холуобунай дьыалаҕа түмүк таһаарда. Кини сэрэҕэ суох быһыыттан киһи доруобуйатыгар улахан эчэтиини оҥорооһуҥҥа буруйданар, диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 

Силиэстийэ көрдөрүүтүнэн, 2021 сыл ахсынньы 20 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Күн Биэ» диэн сиригэр буруйдаах киһи билэр киһитин алҕас саанан ыппыт. Бу киһи саанан туһанар көҥүлэ суох сылдьан, хаһаайынтан ыйыппакка эрэ ОП-СКС 7,62 мм калибрдаах саатын ылбыт уонна халтарыйан, саа курогун баттаабыт. Инньэ гынан билэр киһитин доруобуйатын улаханнык эчэппит.

Буруйдуур дьыала бигэргэтиллибитин кэннэ холуобунай дьыаланы оройуон прокуратурата салгыы суут көрүүтүгэр ыытта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА