22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Маттаҕа баһылык тутар этэрээтэ үлэтин саҕалаата

12:17, 08 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар саҥа тэриллибит «Баһылык тутар этэрээтэ» үлэтин саҕалаата. Тутар этэрээттэр Мөҥүрүөн нэһилиэгэр от ыйын 4 ‒ атырдьах ыйын 3 күнннэригэр диэри уонна Майа сэлиэнньэтигэр от ыйын 15 күнүттэн Тупсарыныы сылын чэрчитинэн үлэҕэ ылсаллар.


Саҥа сүүрээн хайысхата Аллараа Бэстээхтээҕи Тырааныспар техникумун дириэктиэрин солбуйаччы Владислав Хабаров көҕүлээһининэн тэрилиннэ. Олунньу ыйга Ил Дархан Егор Борисов Майаҕа кэлэ сырыттаҕына, муниципальнай оройуон таһымынан устудьуоннар тутар этэрээттэрэ тэриллэригэр туруорсубута. Ити биһирэнэн, тута СӨ Ыччат дьыалаларыгар министиэристибэтин исписэлиистэрэ кэлэн, улууһу кытта Сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ. Ол түмүгэр эдэр байыастары үптээн-хамнастаан, анал пуормалаан үлэ күргүөмнээхтик ыытыллар.

«Баһылык этэрээтин» ыччаттара бэйэлэрин баҕаларынан буор босхо нэһилиэктэринэн кырдьаҕастарга көмөлөһөр аналлаах үлэни түмүктээтилэр. Билигин устудьуоннар сайыҥҥы өртүгэр нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэн, тутууларга хамнас аахсан үлэлиэхтэрэ. Хамнастарын кээмэйэ 25 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Александр Федоров үлэҕэ куонкурус биллэриллибитин истэн, муус устарга улуус дьаһалтатыгар сайаапка түһэрбиттэрин кэпсээтэ. «Бөһүөлэк аттыгар Аан Алаас диэн 3 гектар кэриҥэ иэннээх алааска, өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн, өрүстэн ылан ыраас ууну харайар күөл оҥоруохтаахпыт. От ыйын 4 күнүттэн 10 устудьуон бу алааска ыраастааһын үлэтин саҕалаата. Ол кэнниттэн тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кээпэрэтиибигэр сылгы иитиитигэр күрүөнү-хаһааны тутууга үлэлиэхтэрэ. Байыастары чааһынай дьиэҕэ олохтоотубут, ыччаппыт лиидэрэ кинилэргэ ас астааччынан сылдьар. Дьиэ хаһаайыттара тэлгэһэ иһигэр саҥа дьиэҕэ көһөн тахсан ыччаттары көрөллөр. Биһиги ыччаттарбыт бэрээдэктээхтэр, кэлбит устудьуоннары кытта биир тыл булуохтара диэн эрэнэбин», — диэтэ кини.

Байыастар утуйар таҥастара, аһыыр остуоллара, суунар сирдэрэ барыта баар. Быһатын эттээххэ, сөптөөх усулуобуйа оҥоһуллубут. Мантан ордук эдэр дьоҥҥо туох да наадата суох.

Аан Алааска баһылык этэрээтин эдэр үлэһиттэрэ ыһылла сытар эргэ мас силистэрин, мутуктарын, чөҥөчөктөрү, баҕаналары соһон аҕалан биир сиргэ чөмөхтөөн ыраатыннарбыттар. Сэттэ уол, икки кыыс үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Этэрээт хамандыыра Аллараа Бэстээхтээҕи Тырааныспар техникумун иккис куурсун бүтэрбит Тараҕай нэһилиэгиттэн сылдьар Андрей Сильвестров: «Этэрээппитигэр Тырааныспар, тыа хаһаайыстыбатын техникумун Төҥүлүтээҕи филиалын сэргэ Дьокуускайдааҕы полиция академиятын, ХИФУ-тан устудьуоннар бааллар. Алааһы ыраастаан баран Сыгынньах диэн сиргэ күрүө тутуутугар үлэлиэхпит. Үлэбит чааһа сарсыарда 8 чаастан киэһэ 6 чааска диэри. Киэһэтин иллэҥ кэммитигэр олохтоох уолаттары кытта футболлуубут. Маттаҕа уонна Майаҕа тэриллибит «Баһылык тутар этэрээттэрин» курдук байыастардаах М.К.Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннара кыттыылаах «Искра» уонна «Спарта» тутар этэрээттэр Хаатылымаҕа уонна Хараҕа үлэлэрин эмиэ бу күннэргэ саҕалаатылар», — диэн кэпсээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА