Ленскэй оройуонугар “Таалакаан” 10 №-дээх ньиэби хачайдыыр ыстаансыйаҕа бэс ыйын 1 күнүгэр ньиэп тоҕунна. Онон манна айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ тиийиэхтэрэ.
Бу ыстаансыйа “Транснефть-Восток” хампаанньа бас билиитэ буолар. СИА-ҕа айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 8 күнүгэр Ленскэй оройуонугар биэдэмистибэ иниспиэктэрдэрэ көтүөхтэрэ.
Дьулустаан Сергеев.