22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри улуустарын гаастааһыҥҥа 14 млрд солкуобай көрүллүө

11:01, 17 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Газпром» итиэннэ Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин гаастааһыҥҥа 14 млрд солк көрөллөрүн туһунан, Ил Дархан Айсен Николаев балаҕан ыйын 16 күнүгэр “Россия-24” ханаалыгар  быһа эфир кэмигэр эттэ.


«Сибиир күүһэ» тардыллыаҕыттан гаас утаҕын аттыгар сытар Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри оройуоннарын нэһилиэктэрин гааһынан хааччыйыахха сөп буолта. 2025 сылга диэри 21 нэһилиэнньэлээх пууну гаас ситимигэр холбуур сорук турар. Маны таһынан 2026-2030 с.с.салгыы үлэ былаанын торумнуубут. Үлэ бастакы түһүмэҕэр Өлүөхүмэ, Алдан,Чульман бөһүөлэктэрэ гаастаныахтара. Итиннэ «Газпром» 9 млрд солкуобайы, өрөспүүбүлүкэ 5 млрд солк.көрүө«, — диэтэ Айсен Николаев.

Кини «Газпрому» кытары сөбүлэҥи кэлэр нэдиэлэҕэ түһэрсэри эттэ.

2019 сыл ахсынньытыгар үлэҕэ киирбит «Сибиир күүһэ» гаас ситимин устун Чайыҥдатааҕы ньиэп-гаас баайдаах сириттэн гаас Уһук Илин итиэннэ Кытай олохтоохторугар тиэрдиллэр. 2022 сыл бүтүүтэ «Сибиир күүһүн» устун Ковыктинскайдааҕы (Арассыыйа илин өттүгэр баар бөдөҥ ньиэп-гаас баайдаах сириттэн) гаас тиэрдиллэрэ былааннанар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар