Бу дьыл бэс ыйын 6 күнэ үүнэр түүнүгэр Ленскэй куоракка баар 8 №-дээх ураты режимнээх холуонньа хаайыылааҕа күрээбитэ. Балыыһа үһүс этээһиттэн ыстанан, хонбуойтан куоппута.
Силиэстийэ уорганнара ити холуонньа харабыллааһыҥҥа отделын караулун начальнигар РФ Холуобунай кодексатын 293-с ыст. 1 чааһынан, ол эбэтэр, дьалаҕай быһыы бэлиэтэ баарынан, холуобунай дьыала тэрийбиттэрэ. Силиэстийэ сабаҕалыырынан, бэс ыйын 3 күнүгэр Ленскэй улууһун киин балыыһатыгар Магомед Умаров “куртаҕа хааннырбыт” диэн диагнозтаах киллэриллибит.
Холуонньа начальнигын бирикээһинэн, кини балыыһаҕа эмтэнэр кэмигэр быстах караул анаммыт. Бу караул кини хас хардыытын кэтээн харабыллыахтаах этэ да, балаататтан быстах тахсыбыт кэмигэр, хаайыылаах түннүктэн ыстанан куоппут.
Күрүөйэх хаайыылааҕы көрдөөһүҥҥэ маннааҕы, Иркутскай уобалас, Красноярскай кыраай накаастабылын уорганнара, ону тэҥэ, Москва полициятыттан саҕалаан, олохтоох ис дьыала уорганнарыгар тиийэ, УФСБ бары кыттыбыттара.
Дьэ, уонна бэс ыйын 19 күнэ үүнэр түүнүгэр, 00 ч 30 мүн. саҕана, Умаровы Ленскэй куоракка биир дьиэҕэ саспытын булбуттар. Тута кэлбиттэригэр, хаайыылаах өрөлөспөтөх, утарыласпатах эрээри, хаһан ааны алдьатан киириэхтэригэр диэри, саннын диэкинэн, илиилэрин хайа сотуммут. Ленскэй балыыһатыгар киниэхэ бастакы көмөнү оҥорбуттар.
Хаайыылаах буруйун боруостуур сириттэн күрээбит чахчытынан РФ Холуобунай кодексатын 313-с ыст. 1 чааһынан дьыала тэриллибитэ. Ол эбэтэр, хаайыыттан куотуу бэлиэтинэн. Билигин Магомед Умаров Ленскэйгэ дьону быстах кэмҥэ тутар изоляторга хаайыллан олорор, бу күннэргэ Дьокуускай куорат 1 №-дээх Силиэстийэлиир изоляторыгар этабынан аҕалыллыаҕа.
Санатар буоллахха, Магомед Умаров Чечня Өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх, 1981 сыллаах төрүөх. Талааһыҥҥа, массыынаны күрэтиигэ, сэби-сэбиргэли уонна боеприпастары уорууга түбэһэн итиэннэ 2012 сыллаахха Новгородскай уобаласка полицейскайы өлөрөн, 24 сылга көҥүлэ быһыллыбыт, 2035 сылга босхолонуохтаах эбит. Хаайыыттан күрээбитигэр 3 сылга диэри болдьох эбиллиэн сөп.